Баатаҕай орто оскуолатыгар Ийэ тыл сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр буола тураллар. Бүгүн иккис күннэригэр «Күн» түмсүү оҕолоро нуучча кылааһын үөрэнээччилэригэр: «Саха хоһооно сатарыа, саха саҥата саргылыа…» — диэн тиэмэҕэ айар уруоктары ыыттылар.
Төрөөбүт төрүт сахабыт тыла өссө туругуран тупсарын туһугар диэн туран, бу ый 13 күнүгэр буолаары турар Ийэ тылбыт күнүнэн итии-истиҥ иһирэх эҕэрдэлэрин тириэртилэр.
«Сахабыт тылын таптаан сүгүрүйэр сахаларга, саха тыла хаһан даҕаны сүтүө суоҕа!» диэн сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох уруоктары ыыттылар.
Бүгүҥҥү уруоктарга «Күн» оҕолоро нууччалыы тыллаах оҕолорго сахалыы хоһооннору аахтаран көрдүлэр. Бэйэлэрэ эмиэ дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрдилэр. Ол курдук Күндэ «Төрөөбүт тыл», Алампа «Ыччат сахаларга», Күннүк Уурастыырап «Саха тыла», Виталий Власов «Төрөөбүт төрүт тылым», Өксөкүлээх Өлөксөй «Былыргылыы алгыс», Иван Гоголев «Саха тылынан» уонна да атын хоһооннору бииргэ аахтылар. Сахалыы хоһооннору аахпыт нууччалыы иитиилээх оҕолор олус диэн сэҥээрдилэр уонна астыннылар.
Бэл, улуу В.Л.Серошевскай этэн турар: «Сказочный якутский язык отличается какой-то особой нарядностью, яркостью, щеголеватостью, полный приставок и завитушек». Оттон саха саарына Былатыан Ойуунускай олорбут мөккүөрүн, дьулуурун ийэ тылын кытта быһаччы быстыбат ситимнээбитэ. Онон, кырдьык даҕаны, биһиги тылбыт тохтообокко тохтор хомус тыаһыныы дьүрүһүйэн, ыраахха диэри доргуччу дьүрүһүйэр.
Онон, кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар эрэниэххэйиҥ, саха тыла сайдарын туһугар сөптөөх суолу ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан күүс-көмө буолуоххайыҥ!
Сахабыт тыла сүтэн, симэлийэн хаалбатын туһугар, сахабыт тылын харыстыахха, таптыахха, сахабыт тылынан киэн туттуохха!
А.Н.Стручкова, Баатаҕай орто оскуолатын учуутала