Тохсунньу ый 9-18 күннэригэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй–интэринээккэ «Дьоҕур» кыһыҥҥы оскуола буолан ааста. 10 күн устата өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан оҕолор мустан, үс араас хайысханан үөрэннилэр.
Кыһыҥҥы оскуолаҕа мин сайыҥҥы оскуоланан киирбитим. Үгүс оҕо сайыҥҥы оскуоланан кэлбитим сэргии көрбүтүм. 10 күн устата олус элбэҕи, саҥаны биллибит, саҥа доҕоттордоннубут. Хас биирдии күммүт олус сэргэх ааста. Сайыҥҥы оскуолаттан уратыта диэн биһигини барыбытын интэринээккэ киллэрбиттэрэ. Оҕолор бииргэ олорон, бэйэ бэйэбитин кытта өссө чугастык билистибит. Саамай үчүгэйэ — кыһыҥҥы оскуоланан 10 кылааска үөрэнэ киирэргэ туттарсар кыах баар. Олимпиада түмүгүнэн көрөн, кэпсэтиигэ ыҥыраллар. Биһиги кылааспытыттан 9 оҕо рекомендация ылла. Үөрэх кэнниттэн квест оонньуу, «Дьүкээбил уоттара» төгүрүк остуол курдук араас тэрээһиннэр буолбуттара. Хас биирдии күммүт уратытык ааста. Учууталларбыт кыһаллан туран үөрэппитэригэр махтанабыт!
Петя Протопопов, Уус Алдан улууһун Окоемовка орто оскуолатын, 9 кылааһын үөрэнээччитэ:
Мин өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт «Кыһыҥҥы оскуола» лааҕырыгар сайыҥҥы оскуоланан киирбитим. Манна элбэх доҕоттору, кэлэктиипкэ уопсай тылы булууну, саҥа билиилэри ситистим. Миэхэ саамай өйдөнөн хаалбыта интэринээккэ олоруу, араас көрдөөх-нардаах оонньуулар, тэрээһиннэр, төгүрүк остуол уо.д.а. Бу 10 күн олохпор сырдык санаа буолан хааллылар. Мин кэнники сайыҥҥы оскуола уонна кыһыҥҥы оскуола баһаатайа буолуохпун баҕарабын.
Василина Карпова, Уус Алдан улууһун Лөгөй орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ:
Мин сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы оскуола үөрэнээччитэ буолабын. Сайыҥҥы оскуола – манна киирэрбэр бастакы хардыы буолбута. Сырдык, умнуллубат түгэннэри уонна элбэх доҕоттору бэлэхтээбитэ. Ол эрэн кыһыҥҥы оскуоланы ордук сөбүлээтим. Бастатан туран, кыһыҥҥы оскуола сайыҥҥыттан уратыта интэринээккэ олорооһуннаах буолла. Биһиги Өрөспүүбүлүкэээҕи лиссиэй-интэринээт үөрэнээччилэрин курдук интэринээт олоҕун-дьаһаҕын биллибит. Иккиһинэн, лиссиэйгэ киирээһин. Үөрэх кэнниттэн олус умсугутуулаах тэрээһиннэр буолаллара. Чопчулаан эттэххэ. кыһыҥҥы оскуола түмүгүнэн лиссиэй үөрэнээччитэ буолуохха сөп. Олимпиадаларым түмүктэрэ үчүгэй буолан, собеседованиябын этэҥҥэ ааһан үөрэ –көтө киирдим. Хас биирдии оҕону кыһыҥҥы оскуола элбэххэ үөрэппитэ, саҥаны бэлэхтээбитэ буолуо дии саныыбын. Мин бэйэм бу оскуолаҕа олуһун дуоһуйдум, кэрэни кэрэхсээтим. Кыһыҥҥы оскуола олоҕум биир умнуллубат кэрчигэ буолла!
Алиса Слепцова, Үөһээ Дьааҥы улууһун Боруулаах орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ:
10 күн иһигэр элбэҕи биллим, үөрэттим, өйдөөтүм, опыт ыллым.Саамай сөбүлээбитим диэн лиссиэй учууталлара олус сэмэйдэр, оҕолору умсугутуулаахтык уу сахалыы үөрэтэллэр. Өйдөөн хаалбыт түгэним интэринээккэ олоруу буолар, онно элбэх умнуллубат, мүччүргэннээх түгэннэр буолан ааспыттара. Мин махтаныахпын баҕарабын кыһыҥҥы оскуола салайааччыларыгар, эһиги көмөҕүтүнэн билбэтэхпин биллим, өйдөөбөтөхпүн өйдөөтүм. Лиссиэйгэ киириэн баҕарар оҕолорго ситиһиилэри, дьулууру! Кыһыҥҥы оскуолаҕа үөрэнии -олохпор улахан суолталаах кэрчик.
Бу курдук, 10 күммүт 1 күн курдук биллибэккэ ааһан хаалла. Махтаныам этэ ийэбэр, чугас дьоммор, учууталларбар, тьюторбытыгар Сибэкки Аркадьевна Заровневаҕа, баһаатайдарбытыгар Айталга уонна Күннэйгэ. Бу аҕыйах күн иһигэр бары биир дьиэ кэргэн курдук оонньоон-көрүлээн, ыллаан -үҥкүүлээн олохпутугар саамай кэрэ бэлиэ күннэри бэлэхтээтибит. Олус үчүгэй сахалыы тыыннаах лиссиэйгэ үөрэннибит! Туттарсан киириэн баҕалаахтар олох куттанымаҥ, бэйэҕитигэр эрэллээх эрэ буолуҥ!
Алина Санникова,
IX кылаас,
«Эрчим» медиа-оскуола юнкора,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү