Таатта лицейин оҕолоро айар үлэнэн дьарыктаналлар. Саҥа сылы көрсө уоттаах харыйа күлүмнүүр, ол тула алыптаах остуоруйа үөрүүтүн тэҥҥэ айбыт айымньыларын үллэстэллэр.
Мин харыйам
Мин харыйам хотой көтүүтэ
Кыыл таба ойуолуур үҥкүүтэ
Тыыннаах айылҕа дьикти кэрэтэ
Сир-халлаан ыраас эйгэтэ.
Мин харыйам таас сибэккитэ
Куйуур сырдырҕас үҥүүтэ
Хотугу таптал кэрэ иэйиитэ
Сыа хаарга сыарҕа иһиллиитэ.
Мин харыйам күөх лиэнтэтэ
Уйулҕам уһуктар тэбиитэ
Алыптаах түүн күүтүүтэ
Остуоруйа кэрэ үөрүүтэ
Саша Герасимов 9 «а» кылаас
Харыйа
Саҥа дьыл халҕанын
Сэмэйдик арыйан,
Дьиэ ахсын, ыал ахсын
Эн киирдиҥ, харыйа!
Тымныычаан кырдьаҕас
Бэл күлбүт курдук дуу,
Муус кыаһаан таҥаһа
Солколуу суһумнуур.
Хампа күөх харыйа,
Yөр, мичээр, ыллаа-туой,
Бу маннык күн аайы
Симэнэр этиҥ дуо?
Тымныыттан, куйаастан
Чаҕыйар тугуй? — диир
Харыйа, эн бааргын,
Кыһын, саас эн курдук
Чэлгийдин кыраайбыт.
Ол курдук уруйдуу
Дьиэрэйдин ырыабыт.
Yөр, мичээр, ыллаа-туой
Күөх хампа харыйабыт
Бу маннык күн аайы
Симэнэр этиҥ дуо?
Егоров Эрчим 7 «б» кылаас
Мин Саҥа Дьыллааҕы харыйам
Сыл аайы аан дойдуга бары кэтэһиилээх кэрэ Саҥа Дьылбытын бэлиэтиибит. Саҥа Дьыл диэтэххэ, элбэх киһи Саҥа Дьыллааҕы харыйаны саныы түһэр. Уруккуттан харыйа Саҥа Дьыл чугаһаабытын көрдөрөр буолбута.Харыйаны киэргэтэр биһиэхэ омуктартан тиийбит, омуктар харыйа оннугаар кинилэргэ үүнэр араас оту-маһы киэргэтэллэр. Онтон биһиэхэ харыйа үүнэр буолан, тыыннаах харыйаны киэргэтэбит.
Оҕолор, улахан дьон бары харыйаны киэргэтэллэр уонна таптыыллар.Бары харыйаны дьиэ кэргэммитин кытары киэргэтэбит, ол иьин харыйа киэргэтиитэ үөрүүлээхтик ааһар. Хас дьиэ кэргэҥҥэ араас Сана Дьыллааҕы оонньуурдар, киэргэллэр бааллар. Сана Дьыллааҕы харыйа хатыламмат дьикти буолар. Тоҕо диэтэххэ, киһи барыта араас, кимиэхэ эрэ кыһыллаах үчүгэй буолар, кимиэхэ эрэ маҥаннаах.
Онтон биһиги дьиэ кэргэммит харыйата сыл аайы саамай кылаабынайа сырдыктык тыгыахтаах. Харыйабытын хайаан да үчүгэй санаалаах эрэ буоллахпытына киэргэтэбит. Тоҕо диэтэххэ, үөрүүтэ-көтүүтэ суох буоллаҕына, харыйаҥ да хомойбут курдук көстүөн сөп. Дьиэ кэргэммэр саамай тутулугун аҕам уонна быраатым онороллор, кинилэр харыйаны туруораллар уонна харыйа лабааларын бэлэмнииллэр. Ол кэнниттэн мин ийэбин, бырааппын кытары киэргэтэбит. Наар араас дьүһүннээх өҥүнэн киэргэтэбит. Ол кэмҥэ аҕам гирлянданы иилэр. Саамай бүтэһигэ сулуһа, онтукайбытын сороҕор быраатым, сороҕор мин иилэбин. Ситэри симэммит харыйаны киэргэтии наһаа үөрүүлээх кэм буолар, дьиэ кэргэҥҥин кытары киэргэтии кэмигэр өрө көтөҕүллэҕин, күлэҕин, уопсайынан олус бэһиэлэй буолар.
Дианна Неустроева, 6″в» кылаас.
Мин сана дьыллааҕы харыйам улахан да улахаан, кини биһигини кытта уон биир сылын саҥа дьылы көрсүһэр. Киниэхэ ийэм эбэтин оонньуурдарын иилэбит. Уонна бырааппын кытта харыйа анныгар утуйан турабыт. Оччоҕо эрэ астык.
Антон Большаков, 5 кылаас.
Мин сана дьыллааҕы харыйам кэрэ да кэрэ, саҥа сыл кэлэрин бэлиэтиир. Хас сыл аайы туруорабыт, киэргэтэбит. Харыйабыт араас элбэх оонньуурдаах,араас өҥүнэн күлүмнүүр уоттардаах. Харыйа анныгар Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана тураллар. Сылга биирдэ бэлиэтиир биир саамай улахан, күүтүүлээх бырааһынньыкпыт. Сана сылга харыйа анныгар саамай күндү бэлэхтэрбит киһини үөрдэллэр.
Саша Саввина, 5 «а» кылаас.
Мин Саҥа Дьыллааҕы харыйам
Мин харыйам улахан уонна уһун да уһун. Харыйаҕа арааьынай оонньуурдар уонна гирляндалар бааллар, саамай кыраһыабай сулус үөһэ турар. Харыйа оонньуурдара барыта атын-атын табалар, хаар кыыһа, күлүүс. Киэһэ оҕолор харыйа тула туран хоробуоттуубут, ыллыыбыт.
Виолетта Белолюбская, 7 «б» кылаас.
Мин сана дьылга харыйабын наар бэйэм киэргэтэбин. Онтон наар киэһэ аайы көрөбүн. Онтон саҥа дьылга хаартыскаҕа түһээччибит. Биһиги харыйабыт эриэккэстик тыгар. Уонна оонньуурдары уурдахха, өссө үчүгэй буолар. Мин наар сана дьылга харыйаны көрөөччүбүн. Харыйа дьиэбитин киэргэтэр да киэргэтэр!
Максим Матаннанов, 5 «а» кылаас.
Саргылаах саҥа дьыл
Соһуччу бэлэҕэ,
Кэрэчээн харыйа
Киэргэтэр даҕаны.
Күн-дьыл ардыгар,
Түргэнник кэлэрэ.
Үөрэбин-көтөбүн
Күүтэбин долгуйа.
Тымныы Мооруос
Хаарчааналыын
Күндү бэлэҕин.
Үөрэхпэр кыһаллан,
Таабылым сыанатын
Тоһуйан уурабын.
Сиэдэрэй бадаарак
Харыйа анныгар
Күүтэрин билэбин.
Саҥа Дьылынан!
Саҥа Дьолунан!
Александра Бурмистрова, 6 «в» кылаас
Саҥа дьыл кэлэн иһэринэн, биһиги харыйабытын туруордубут. Мин уонна балтым харыйаны үчүгэйдик киэргэттибит: арааһынай өҥнөөх төгүрүк оонньуурдары харыйаҕа ыйаатыбыт, гирлянданнан киэргэтэн биэрдибит уонна харыйабыт анныгар хаар курдук буоллун диэн маҥан мөһүүрэни тэлгээтибит. Мин балтым талах олоппоско ыттан баран, араҥас кыраһыабай сулуһу харыйа төбөтүгэр ыйаата. Эмискэ өйдөнөн кэллим, өссө Тымныы Оҕонньор кыракый оонньуура баар этэ дии! Түргэнник ыскаабы арыйан көрдөөн бардым, ыскаап түгэҕэр сытар эбит, ону ылан баран балтыбар уонна харыйаҕа сүүрдүм. Кэлэн баран кичэмник харыйабыт анныгар уурдум. биһиги бэйэбит харыйаны кыраһыабай гына киэргэттибит диэн балтычааным наһаа үөрдэ. Уоту арааран баран харыйа гирляндатын холбоотубут уонна балтыбын кытта сылаас чэй иһэ-иһэ харыйабытын одуулаан олордубут.
Ксения Павлова, 6 «в» кылаас
Харыйам астык да лабаалааххын,
Улахан да улахан көстүүлээххин,
Кып- кыһыл оонньуурдардааххын,
Киһини үөрдүөх кэриҥнээххин,
Үрдүгэр кылабачыгас сулустааххын,
Саҥа дьылбын көрсүөхтээхпин,
Кеша Шарин, 5 «а» кылаас.
Мин саҥа дьыллааҕы харыйам дойдум кэриэтэ наһаа кыраһыабай уонна улахан. Таатта үрэҕин саҕа уп-уһун субуллаҕас гирляндалаах. Харыйам үөһээтигэр сып-сырдык сулус тыган турар. Харыйам миигинэн киэн туттарын курдук үөрэхпэр туйгун сыанам элбиэхтээх. Саҥа дьылы төрөппүттэрбин, убайдарбын кытта көрсөрбүттэн үөрэбин. саамай туһалаах. Дьиэ кэргэн үөрүүтэ улаатар. Харыйата суох саҥа дьыл буолбат. Харыйа тула сыллааҕы түмүгүҥ көстөр.
Семен Ковлеков, 5 «а» кылаас.
Үөрэ-үөрэ турабын,
Үөрэ-көтө сылдьабын,
Саҥа Дьылы көрсөбүн,
Чаҕыл сулуһу көрөбүн.
Сүүрэ-көтө сылдьабын,
Ыллыы-туойа хаамабын,
Саҥа дьолу баҕарабын,
Саҥа дьиэҕэ киирэбин.
Дьулусхан Андросов, 5 «а» кылаас
А.Е.Мординов аатынан Таатта лицейин үөрэнээччилэрин айар “Умсулҕан” бөлөҕө.
Салайааччы Оксана Андросова.