Спорт – киһи олоҕун арахсыспат аргыһа буолар. Киһи дьарыктаах, кыахтаах-уохтаах, кыанар буоллаҕына, кини доруобай, инникигэ эрэллээх, сарсыҥҥытыгар кэскиллээх буолар. Онон хас биирдии төрөппүт оҕотун араас куруһуоктарга, дьарыктарга ыытарга кыһаллар.
Бу сайын Дьокуускай куорат Сайсаар уокарагар 9-с нүөмэрдээх Оҕо Спортивнай Оскуолата киэҥ уораҕайын арыйбыта. Оттон бүгүн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, саҥа үөрэх дьылын көрсө аһаҕас аан күнүн тэрийэн, араас хайысхаларга сурутуу ыытта.
Уораҕай оҕо сайдарыгар, дьарыктанарыгар, күн аайы кэлэн бириэмэтин туһалаахтык атаарарыгар сөптөөх гына тутулунна диэн оскуола дириэктэрэ Василий Васильевич Рязанскай бэлиэтээтэ. Оскуола анал спортивнай тэриллэринэн, көмө буолар ыйынньыктарынан толору уонна баай.
9-с нүөмэрдээх Оҕо Спортивнай Оскуолата быйыл биэс хайысханан үлэлииргэ аанын арыйда: художественнай гимнастика, бокс, пауэрлифтинг, көҥүл тустуу уонна национальнай остуол оонньууларын көрүҥнэрэ. Хас биирдии хайысхаҕа саҥа эдэр, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, спорт маастардарын толорбут, үрдүк көрдөрүүлээх, стажтаах учуутал-тренердэрдэр үлэлэрин саҕалаатылар.
Бу күн спортивнай оскуола иитиллээччилэрэ бэйэлэрин талааннарын уонна дьоҕурдарын көрдөрөн, кэлбит ыалдьыттарга, инники иитиллээччилэргэ, төрөппүттэргэ үтүө холобур хааллардылар. Художественнай гимнастика салайааччылара Татьяна Геннадьевна Шишигина, Таисия Витальевна Макарова уонна 9-с нүөмэрдээх Оҕо Спортивнай Оскуолатын 2-с сборнайа тыл эттилэр, оҕолору дьарыкка ыҥырдылар.
Оскуолаҕа мустубут бу уокарак төрөппүттэрэ уонна оҕолоро кэлэн, бэйэлэрин сөбүлээбит хайысхаларыгар суруттардылар, тренердэри кытта сүбэлэстилэр. Мантан иннэ салгыы өссө элбэх чөл олоҕу өрө тутар, спортка сыстыгас, дойдуларын көмүскүүр үөрэнээччилэр үүнэн-сайдан тахсыахтара диэн бигэ эрэллээхпит. Ол туһугар бу саҥа тутуллубут 9-с нүөмэрдээх Оҕо Спортивнай Оскуолата уонна тренердэрэ бигэ тирэх, көтөр кынат буолуохтара.