Бэс ыйын 5-14 күннэригэр Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт иһинэн «Ойкумена» лааҕыра үлэлээбитэ.
Бу лааҕыр бастакытын буолар. Сүрүн салайааччыбыт, тэрийээччибит Иван Иванович Шамаев, лиссиэй-интэринээт дириэктэрэ. Лааҕыр иннинэ араас улуустарынан ыытыллыбыт Ийэ тылга аналлаах тэрээһиннэртэн оҕолору талан ылбыттара. Ону кытта улуустартан көхтөөх үөрэнээччилэр талыллан ыҥырыллыбыттара. Уопсайа барыта 18 оҕо буолан күүскэ үлэлээбиппит.
Биһиги сүрүн сыалбытынан сахабыт тыла сүппэтин, кэлэр көлүөнэлэрбитигэр хааларын туһугар үлэлээһин буолбута. Билигин этэллэринэн, биһиги көлүөнэ, ол эбэтэр 8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, бүтэһик төрөөбүт тылбытынан саҥарар көлүөнэ буолуохпутун сөп диэн куттал баар. Ону өйдөөн тураммыт элбэҕи сүбэлэспиппит, араас ньымалары көрбүппүт.
Күн аайы биһиэхэ араас таһымнаах, биллиилээх дьон кэлэн оруннааҕы кэпсээн барар этилэр. Холобура, артыыс да буоллун, суруйааччы да буоллун, режиссёр даҕаны, инженер даҕаны. Кинилэр бэйэлэрин эйгэлэрин, үлэлэрин, сыалларын-соруктарын туһунан кэпсээн барааччылар. Сүрүнэ диэн — сахабыт тылыгар бары ыкса сибээстээхтэр.
Аҕыйах күннээх үлэ түмүгүнэн оҕолор бары сүбэлэһэн «КҮН» диэн оҕолор хамсааһыннарын арыйарга тэриннибит. Бу хамсааһын саха тыла хааларын туһугар тэриллэр. Сиһилии кэлин суруйуоҕум.
Түмүгэр махтал тылбын тиэрдиэм этэ Уйбаан Уйбаанабыска, бу «Ойкумена» лааҕыры төрүттээн биһиэхэ элбэҕи биэрбиккитигэр, саҥаны арыйбыккытыгар. Бииргэ сылдьыспыт, үлэлэспит оҕолорбор, ыалдьыттаабыт, элбэх сүбэ-ама биэрбит дьоннорго.
Оҕолоор, төрөөбүт тылгытын таптааҥ, ханна да буолларгыт, ханна да тиийдэргит саха буоларгытынан киэн туттуҥ, саха тылын үөрэтиҥ уонна ыраастык сахалыы саҥарыҥ!
Анжелина ЖДАНОВА, Х кылаас.
«Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.