Бүгүн Бэс ыйын 8 күнүгэр «Спортивные Якутяне» үөрэнээччилэр спартакиадаларын чэрчитинэн ыытыллар бокса күрэҕин үһүс күнэ түмүктэннэ. Ол курдук, уопсайа 29 паара кыттыахтааҕыттан сорох спортсменнар ыйааһыннарын оҥорбокко 4 паара кыттыбата. Онон уопсайа, 25 полуфиналга киирэр иһин утарсыыны көрдүбүт. Үгүс киирсиилэр, араас биричиинэнэн (быраастар тохтотуулара, утарсааччы биллэ баһыйарынан сибээстээн), кэмиттэн эрдэ түмүктэннилэр.
Бүгүҥҥү күн саамай чаҕылхай киирсиитин Ньурба улууһуттан сылдьар 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа киирсэр Мирослав Никифоров көрдөрдө. Ол курдук, Мирослав бэйэтэ 1 юношескай разрядтаах боксёр, оттон бүгүҥҥү утарсааччыта Дьокуускай куорат хомуур хамаандатын бирэстэбиитэлэ Артем Жирков боксаҕа спорт маастарыгар хандьыдаат. Көрөөччүлэр бу иннинээҕи киирсиилэр курдук, кэмиттэн эрдэ бүтүө диэн санаалаах олорбуттарын, өйүн-санаатын хомунан, кыайыыны ситиһэн ыалдьааччылары сөхтөрдө. Үс раунд устатын тухары Мирослав утарсааччытыгар тыын да ылар бокуой биэрбэххэ, тохтоло суох кимэн киирэн «Бүгүҥҥү күн дьоруойун» аатын, туох да мөккүөрэ суох, ылла уонна полуфиналга тахсар чиэстэннэ. Киирсии кэнниттэн биһиэхэ бу курдук интервью биэрдэ:
—Мирослав, чаҕылхай киирсиигинэн эҕэрдэлиибин! Утарсааччыҥ спорт маастарыгар хандьыдаат буоларын билэн баран туох санаа үөскээбитэй?
Махтал. Кистээбэккэ эттэххэ, бастаан хотторорум буолуо дии санаабытым (күлэр).
— Бу киирсии төһө ыараханнык аастай уонна олоххор хаһыс киирсииҥ буоларый?
— Наһаа ыарахана суохтук ааста, Өрөспүүбүлүкэ первенствотыгар быдан ыарахан этэ. Олохпор ахсыс киирсиим.
—Салҕыы туох былааннааххын?
— Спартакиадаҕа бастыыр түгэммэр «Дети Азии» оонньууларга кыттыам этэ.
—интервьюҥ иһин махтал. Ситиһиилэри.
Бу курдук, күнтэн-күн чаҕылхай түгэннэр элбээн иһэллэр. Сарсыҥҥаттан «50 лет Победы» спорт дыбарыаһыгар күнүс 14:00 чаастан бокса күрэҕин полуфиналын киирсиилэрэ буолуохтара. Спорт сонуннарын сэргээҥ, биһигинниин бииргэ буолуҥ.
Виолетта ЛЕВИНА,
«Дьоҕур» медиа-оскуола эдкора, Кэбээйи