Учуутал –оҕо саас аргыһа. Учуутал идэтэ – туһалаах уонна олус ыарахан. Хас биирдии киһи олоҕор сүрүн оруолу оонньуур. Үөрэхтээх буоларбыт таһынан, үтүө киһи буола улаатарбытыгар эмиэ кыһаллар.
Ивановтар дьиэ кэргэн Кутана нэһилиэгэр эрэ буолбакка, улуус, өрөспүүбүлүкэ историятыгар биир бастыҥ педагогическай династия быһыытынан биллэр.
Бүгүн биһигини кытта сэһэргэһиэ СӨ «Трудовые династии» бочуотун кинигэтигэр киирбит Филипповтар-Ивановтар педагогическай династияларын баһылыга Изабелла Николаевна Третьякова.
— Изабелла Николаевна, кэпсэтиини бэйэҥ тускунан билиһиннэрииттэн саҕалыах.
— Дорообо, мин Изабелла Николаевна (Иванова)Третьякова диэммин. А.А.Иванов-Күндэ аатынан Кутана орто оскуолатыгар 50 сыл үлэлээтим, уопсай педогагическай ыстааһым 53 сыл. Нуучча тылын уонна литературатын учууталабын. Магадааннааҕы государственнай институту бүтэрбитим. Идэбинэн өр сылларга төрөөбүт оскуолабар үлэлээн кэллим. 2000 сылтан оскуола методическай үлэтигэр директоры солбуйааччыннан үлэлиибин. Кэргэним, Егор Егорович Третьяков, омук тылын учууталынан үлэлээбитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
— 820 сыл педагогическай ыстаастаах династия өрөспүүбүлүкэҕэ аҕыйах буолуо. Бастакы көлүөнэ төрүкүттэн саҕалаан, педагогическай династияны билиһиннэр эрэ.
— Мин учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Аҕам Иванов Николай Иннокентьевич- Куола Учуутал, Саха АССР үтүөлээх учуутала, ийэм Иванова Любовь Егоровна алын сүһүөх учуутала. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр сэттэбит, бары атахпытыгар туран, үөрэхтэнэн, үлэһит буолбуппут. Бары өрөспүүбүлүкэ үүнэрин-сайдарын туһугар үлэлээбиппит, үлэлии сылдьабыт. Балтым Павлова Мотрена Николаевна Дьокуускай куоракка Саха гимназиятыгар нуучча тылын учуутала, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, күтүөтүм Павлов Алексей Николаевич Дьокуускайга РЛ-И математика учуутала, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ. Аҕам балта Бравина Розалия Иннокентьевна, история билимин доктора, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ уо.д.а.
Педогагическай династиябыт ийэм өттүнэн Филиппов Георгий Тимофеевич диэн эһэбититтэн,1918 сылтан саҕаланар. Кини Иркутскайдааҕы духовнай семинарияҕа Күндэни кытта тэҥҥэ үөрэммитэ уонна бүтэрбитэ. Эһэбит учууталлаабыта, кэлин репрессияҕа түбэһэн суох буолбута. 90 сылларга ребилитацияланан, үтүө аата тиллибитэ. Ийэм Дьокууйскайдааҕы педагогическай училищены сэрии сылларыгар бүтэрэн баран, Кутанаҕа кэлэн учууталлыы сылдьар Куола Учууталы кытта билсэн, аҕабын кытта холбоһон, Кутана ыала буолан олорбуттара. Ийэлээх аҕам иккиэн 1953 сылга дылы иккиэйэҕин Кутана дьонун-сэргэтин иитэн-үөрэтэн олорбуттарынан киэн туттабын.1953 сылтан,дьэ, оскуолабыт кэҥээн, улаатан сэттэ кылаастаах, аҕыс кылаастаах онтон 1970 сылтан орто оскуола буолбута. Биһиги педагогическай династиябыт аҕыс сүүсчэ киһи буоллубут, бу барыта Ивановтар,Филипповтар 4 көлүөнэ династиялара. Ону Саха сиригэр “Саха сирин үлэһит династиялара” бочуоттаах кинигэҕэ киирбиппит туоһулуур.
— Учуутал диэн олус эппиэтинэстээх идэ буолар. Тус бэйэҥ учуутал идэтин талан ыларгар ханнык санаа төрүөт буолбутай?
-Мин кыра кылаастан общественнай үлэлэргэ сөбүлээн туран кыттар этим Баһаатай уҥа илиитэ буоларым. Пионер, комсомол тэрилтэлэригэр активистка этим, араас тэрээһиннэргэ оҕолору кытары алтыһарбын сөбүлүүрүм. Дьонум да холобурдара улахан төһүү буолбута. Ити кэмнэртэн мин учуутал буолар баҕа санааламмытым. 7 кылааска киирэрбэр, Владимирскай уобалас Гусь-Хрустальнай куоратыттан,Панфилова Фаина Владимировна диэн нуучча тылын учуутала кэлбитэ. Кини кэпсээннэрин умсугуйан туран истэр этим уонна нуучча тылын учуутала буолар эбиппин диэн бигэтик быһаарыммытым. Үөрэнэн, нуучча тылын учуутала буолан баччааҥҥы дылы үлэлээн кэллим.
— Саамай эдэр утумнааччы кимий?
-Саамай эдэр утумнааччыларынан уолум- Третьяков Владислав Егорович, информатика учуутала уонна кийиитим Третьякова Туйяра Михайловна биология, химия учуутала буолаллар. 2006 сыллаахтан, үөрэхтэрин бүтэриэхтэриттэн, Кутана орто оскуолатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.
— Бэйэҥ 53 сыл ыстаастаах учуутал буоларыҥ быһыытынан араас көлүөнэ оҕолорун кэтээн көрдөҕүҥ. Билиҥҥи оҕолор урукку көлүөнэ оҕолордооҕор туох атыннаахтарый?
-Урукку көлүөнэ оҕолоро бэйэлэрэ туспа уратылаахтар. Кинилэр олус үлэһит, саастаах дьоҥҥо сыһыаннара туспа эйэҕэс этэ. Онтон билиҥҥи оҕолор билиилэрэ-көрүүлэрэ элбэх, сайдыылаахтар. Оҕону кытта истиҥник кэпсэттэххэ урукку да оҕо, билиҥҥи да оҕо арыллар, аһыллар. Уонна мин санаабар, бу кэнники кэмҥэ патриотическай иитии уонна илии үлэтигэр үөрэтии өссө күүһүрүөн наада. Урукку оҕолор ис патриотическай тыыннаах буоллахтарына, билиҥҥи оҕолор эйгэлэрэ арыый атын.
— Оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ аныгы төрөппүттэргэ, учууталларга тугу сүбэлиэҥ этэй?
-Оҕону иитиигэ билигин ордук болҕомтону ууруохха наада. Төрөппүт оҕотугар чугас буолуохтаах, элбэхтик кэпсэтиэхтээх. Уонна кинигэни ааҕарга төрөппүт холобур буолуохтаах, оҕо тыла сайдарын туһугар кинигэни элбэхтик аахтарыахха наада, кинигэни ааҕыы муодата сүппүт курдук эрээри, билигин араас источниктар бааллар. Холобур, электроннай да кинигэни аахтахтарына, тылларын саппааһа элбиэ, сайдыа этэ. Ийэ тыл умнуллуо суохтаах. Сахалыы толкуйдаах, сиэрдээх-майгылаах киһи олоххо сыһыана атын буолар, өйө-санаата норуот сайдыытыгар туһаайыллар.
— Изабелла Николаевна, истиҥ, сэргэх кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Кытаанах доруобуйаны, үүнэр көлүөнэни иитиигэ өссө да уһуннук үлэлииргэр баҕарабын.
Олимпия Фокинова, «Кутана кыымнара» медиа-киин, Кутана, Сунтаар