«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2022-2023 үөрэх дьылыгар киллэрэр саҥа хайысхаларын туһунан
Былыр да, быйыл да оҕону, ыччаты ииппэт, онно кыһаммат киһи диэн суох. Арай кэм-кэрдии уларыйыытын көрөн, онно сөп түбэһэннэрэн иитэрэ атыннаах, уратылаах эрэ буолуон сөп.
Билигин биһиги олорор, үлэлиир, айар-тутар кэммит уратыта элбэх. Тэтимнээх сайдыы, үтүө, мөкү, үрүҥ, хара – барыта биир тэҥник кимэн киирэн иһэллэр, сиргэ-уокка тирэнэн турар тирэхпитин түөрэҥнэтэн, ыгар-ыгылытар да курдуктар. Кэм-кэрдии тэтимигэр баһыйтарбат инниттэн ыксал-тиэтэл муҥунан сүүрэ-көтө сылдьаммыт, үгүһү-элбэҕи сүтэрэрбит, мүлчү-хаччы тутабыт. Ол гынан баран, биһиэхэ, саха дьонугар, эбэлэрбит, эһэлэрбит олохторуттан илдьэ кэлбит билиибит-көрүүбүт эппитигэр-хааммытыгар дириҥник иҥэн сылдьар.
Бу туһунан бөлүһүөк Виктор Данилович Михайлов этэн хаалларбыт ыллыктаах санаатын өссө биирдэ истиэххэйиҥ.
Уус Алдан улууһун Кэптэни нэһилиэгин «Чэчир» оҕо саадыгар өр сылларга иитээччинэн үлэлээбит педагогоческай үлэ ветерана Матрена Дмитриевна Матвеева, Нам улууһун Бүтэй Үрдэтээҕи «Сардаана» оҕо саадын сүрүннүүр иитээччитэ Алена Егоровна Замятина, Дьокуускайдааҕы 13 №-дээх «Светлячок» оҕо саадын иитээччитэ Галина Михайловна Васильева састааптаах ааптарскай бөлөх биир бастакынан саха оҕотун толкуйун, өйүн-санаатын, тулалыыр эйгэни ылынар уратытын, билиҥҥи кэм иитээччитэ ордук туохха наадыйарын биир бастакынан учуоттаатылар. Методическай сүбэ быһыытынан киирбит алта дьарык матырыйаалларын – «Саха ыала», «Ыйдар суолталара. Саха сиэрэ-туома», «Чэбдик өй-санаа», «Ийэ уонна кыыс», «Аҕа уонна уол», «Саҥа дьыл» — 2022 сыл иккис аҥаарыттан «Чуораанчык» сурунаал 7, 8, 9, 10, 11, 12 №-тэн толору туһаныаххытын сөп. Алта дьарык тиэмэлэрин арыйар остуоруйалар, хоһооннор, ырыалар, ойуулар, онньуулар – барыта сурунаалга киирэллэр. Бу иитээччигэ, төрөппүккэ ордук табыгастаах буолуоҕа. Маны сэргэ алта дьарыкка сөптөөх матырыйааллар ааспыт сылларга «Чуораанчык» сурунаал ханнык нүөмэрдэригэр бэчээттэммиттэрэ барыта ыйыллан киирдилэр. Билигин информация дэлэйбит аныгы үйэтигэр бииргэ ситимнэнэн түмүллүбүт, толору сиппит-хоппут, ис хоһоонноох, эттээх-сииннээх үлэни булан ылар уустук. Оҕо иитиитигэр бүгүҥҥү күҥҥэ айымньылаахтык үлэлии сылдьар иитээччилэр тутан-хабан, билиилэрин-көрүүлэрин ууран оҥорон таһаарбыт методическай сүбэлэрэ саха оҕотугар ордук чугастар. «Чуораанчык алта дьырыгар» тирэҕирэн, оҕону кытта бииргэ толкуйдаан, тэҥҥэ уруһуйдаан, сорудахтары толорон, саҥа ырыаны, хоһоону үөрэтэн, оҕо бэйэтэ кэпсэтиини сайыннарарын көҕүлүүр усулуобуйатын тэрийэр кыахтанабыт. Иитээччи дьиэ кэргэни кытта ситимнээх үлэни олохтуур. Оҕо төрөппүтүн кытта сурунаалга баар сорудахтары толорон, ырыаны, хоһоону үөрэтэн, остуоруйалары ааҕан, ийэтин аҕатын кытта ордук чугастык алтыһар.
Наадалаах кэмҥэ, наадалаах бириэмэҕэ
«Чуораанчык алта дьарыга» методическай сүбэни оҕо саадтарыгар туһанар сөптөөҕүн туһунан С.Н. Донской-II аатынан СӨ үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт мэктиэлиир. «Чуораанчык алта дьарыгын» сүрэхтээһин үөрэх үлэһиттэрин идэни үрдэтэр XIV сайыҥҥы институт иһинэн бэс ыйын 24 күнүгэр ыытыллыбыта. Рецензент быһыытынан үлэлэспит институт оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор үөрэхтээһиннэрин сүрүннүүр преподавателя Мария Николаевна Слепцова иитээччилэри кытта санаатын үллэстибитэ.
- «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата оҕо саадыгар улахан болҕомтотун уурар. Сахалыы таҥастаах кыыс оҕо ойуулаах «Чуораанчык» сурунаалы илиибэр аан бастаан туппут күммүн умнубаппын. Тоҕо эрэ ол кыыһы бэйэбэр майгыннаппытым. Оҕо өйүгэр-санаатыгар оннук сайаҕастык киирэр, оҕо санаатын табар, болҕомтотун ылар дьэрэкээн ойуулаах сурунаалбыт быйыл 35 сааһын бэлиэтиир. Олох уларыйан истэҕин ахсын оҕоҥ уларыйар. Ону кытта сурунаал эмиэ уларыйар, оҕону кытта тэҥҥэ хардыылаан барсан иһэр, суолтатын сүтэрбэт. 2022-2023 саҥа үөрэх дьылыттан бары оҕо саадтарыгар, оскуолаларга иитии үлэтин программата баар буолара ирдэнэр. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн хас биирдии үөрэх тэрилтэлэрин саайтарыгар патриотическай, духуобунай өй-санаа иитиитин программата киирэн турар буолуохтаах. «Чуораанчык алта дьарыга» методическай сүбэ наадалаах кэмҥэ, наадалаах бириэмэҕэ бэчээттэнэн таҕыста. Манна киирбит алта дьарык иитии практическай түгэннэрин түмэр. Билиҥҥи кэм көстүүтэ, сиэрэ-майгыта киһи ылбычча хоруйдуу охсубат араас ыйытыылары үөскэтэр. «Чуораанчык алта дьарыга» саха бэйэтин олоҕуттан ситимнэнэн тахсыбыт духуобунай өйүгэр-санаатыгар тирэҕирэр, киһи сэрэхэчийэр, мунаахсыйар ыйытыылара манна суох. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата үөрэхтээһин ситимигэр биир бастыҥ социальнай партнербут буолар. Ааптарскай үлэлэргитин киэҥ эйгэҕэ таһаарарга «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытта бииргэ үлэлииргитигэр сүбэлиибин. Аан бастаан оҕоҕо ийэтэ, аҕата, дьиэ кэргэнэ, оҕо саада. Ол эрэ кэнниттэн оскуола, ВПР, ОГЭ, ЕГЭ боппуруостара тураллар. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэтигэр өссө биир хайысханы ураты тутан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол – утумнааһын, оҕо саадыттан саҕалаан алын кылааска диэри.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэчээттэнэн тахсар оҕо сурунаалларын Финляндияҕа, Москваҕа тиийэ ааҕалларын билэбин. Норуот бэйэтин уратытын көрдөрөр оҕолорго аналлаах сурунаал дойду бары муннугар баар буолбатах. Биһиэхэ баара, илиибитигэр тутан олорорбут, итии, үөрэх эйгэтигэр тэҥҥэ хардыылаан иһэрбит – бу биһиги дьолбут. Онон иитии үлэтигэр кыайа-хото туһаныаххайыҥ диэн ыҥырабын.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата үс сыл устата бэлэмнээн, ситэрэн-хоторон 2022-2023 саҥа үөрэх дьылыгар олоххо киллэрэр саҥа хайысхаларын туһунан билиһиннэрэбит.
I түһүмэх: «Чуораанчык алта дьарыга»
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2022-2023 саҥа үөрэх дьылын көрсө 5-6 саастаах оҕолору кытта дьарыктанарга анаан «Чуораанчык алта дьарыга» диэн методическай сүбэни бэчээттээн таһаарда.
Саха оҕотун, саха ыалын, тыа сирин олоҕун ис тутулуттан оҥоһуллан тахсыбыт алта бэлэм дьарык оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитии программатыгар сүрүн тосхолунан буолуон сөп.
Уус Алдан улууһун Кэптэни нэһилиэгин «Чэчир» оҕо саадыгар өр сылларга иитээччинэн үлэлээбит педагогическай үлэ ветерана Матрена Дмитриевна Матвеева, Нам улууһун Бүтэй Үрдэтээҕи «Сардаана» оҕо саадын сүрүннүүр иитээччитэ Алена Егоровна Замятина, Дьокуускайдааҕы 13 №-дээх «Светлячок» оҕо саадын иитээччитэ Галина Михайловна Васильева састааптаах ааптарскай бөлөх биир бастакынан саха оҕотун толкуйун, өйүн-санаатын, тулалыыр эйгэни ылынар уратытын, билиҥҥи кэм иитээччитэ ордук туохха наадыйарын биир бастакынан учуоттаатылар.
Методическай сүбэ быһыытынан киирбит алта дьарык матырыйаалларын – «Саха ыала», «Ыйдар суолталара. Саха сиэрэ-туома», «Чэбдик өй-санаа», «Ийэ уонна кыыс», «Аҕа уонна уол», «Саҥа дьыл» — 2022 сыл иккис аҥаарыттан «Чуораанчык» сурунаал 7, 8, 9, 10, 11, 12 №-тэн толору туһаныаххытын сөп.
Алта дьарык тиэмэлэрин арыйар остуоруйалар, хоһооннор, ырыалар, ойуулар, онньуулар – барыта сурунаалга киирэллэр. Бу иитээччигэ, төрөппүккэ ордук табыгастаах буолуоҕа. Маны сэргэ алта дарыкка сөптөөх матырыйааллар ааспыт сылларга «Чуораанчык» сурунаал ханнык нүөмэрдэригэр бэчээттэммиттэрэ барыта ыйыллан киирдилэр. Билигин информация дэлэйбит аныгы үйэтигэр бииргэ ситимнэнэн түмүллүбүт, толору сиппит-хоппут, ис хоһоонноох, эттээх-сииннээх үлэни булан ылар уустук. Оҕо иитиитигэр бүгүҥҥү күҥҥэ айымньылаахтык үлэлии сылдьар иитээччилэр тутан-хабан, билиилэрин-көрүүлэрин ууран оҥорон таһаарбыт методическай сүбэлэрэ саха оҕотугар ордук чугастар. «Чуораанчык алта дьырыгар» тирэҕирэн, оҕону кытта бииргэ толкуйдаан, тэҥҥэ уруһуйдаан, сорудахтары толорон, саҥа ырыаны, хоһоону үөрэтэн, оҕо бэйэтэ кэпсэтиини сайыннарарын көҕүлүүр усулуобуйатын тэрийэр кыахтанабыт. Иитээччи дьиэ кэргэни кытта ситимнээх үлэни олохтуур. Оҕо төрөппүтүн кытта сурунаалга баар сорудахтары толорон, ырыаны, хоһоону үөрэтэн, остуоруйалары ааҕан, ийэтин аҕатын кытта ордук чугастык алтыһар.
«Чуораанчык алта дьарыга» методическай сүбэ туһунан манна көр.
Наадалаах кэмҥэ, наадалаах бириэмэҕэ
«Чуораанчык алта дьарыга» методическай сүбэни оҕо саадтарыгар туһанар сөптөөҕүн туһунан С.Н. Донской-II аатынан СӨ үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт мэктиэлиир. «Чуораанчык алта дьарыгын» сүрэхтээһин үөрэх үлэһиттэрин идэни үрдэтэр XIV сайыҥҥы институт иһинэн бэс ыйын 24 күнүгэр ыытыллыбыта. Рецензент быһыытынан үлэлэспит институт оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор үөрэхтээһиннэрин сүрүннүүр преподавателя Мария Николаевна Слепцова иитээччилэри кытта санаатын үллэстибитэ.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата оҕо саадыгар улахан болҕомтотун уурар. Сахалыы таҥастаах кыыс оҕо ойуулаах «Чуораанчык» сурунаалы илиибэр аан бастаан туппут күммүн умнубаппын. Тоҕо эрэ ол кыыһы бэйэбэр майгыннаппытым. Оҕо өйүгэр-санаатыгар оннук сайаҕастык киирэр, оҕо санаатын табар, болҕомтотун ылар дьэрэкээн ойуулаах сурунаалбыт быйыл 35 сааһын бэлиэтиир. Олох уларыйан истэҕин ахсын оҕоҥ уларыйар. Ону кытта сурунаал эмиэ уларыйар, оҕону кытта тэҥҥэ хардыылаан барсан иһэр, суолтатын сүтэрбэт. 2022-2023 саҥа үөрэх дьылыттан бары оҕо саадтарыгар, оскуолаларга иитии үлэтин программата баар буолара ирдэнэр. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн хас биирдии үөрэх тэрилтэлэрин саайтарыгар патриотическай, духуобунай өй-санаа иитиитин программата киирэн турар буолуохтаах. «Чуораанчык алта дьарыга» методическай сүбэ наадалаах кэмҥэ, наадалаах бириэмэҕэ бэчээттэнэн таҕыста. Манна киирбит алта дьарык иитии практическай түгэннэрин түмэр. Билиҥҥи кэм көстүүтэ, сиэрэ-майгыта киһи ылбычча хоруйдуу охсубат араас ыйытыылары үөскэтэр. «Чуораанчык алта дьарыга» саха бэйэтин олоҕуттан ситимнэнэн тахсыбыт духуобунай өйүгэр-санаатыгар тирэҕирэр, киһи сэрэхэчийэр, мунаахсыйар ыйытыылара манна суох. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата үөрэхтээһин ситимигэр биир бастыҥ социальнай партнербут буолар. Ааптарскай үлэлэргитин киэҥ эйгэҕэ таһаарарга «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытта бииргэ үлэлииргитигэр сүбэлиибин. Аан бастаан оҕоҕо ийэтэ, аҕата, дьиэ кэргэнэ, оҕо саада. Ол эрэ кэнниттэн оскуола, ВПР, ОГЭ, ЕГЭ боппуруостара тураллар. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэтигэр өссө биир хайысханы ураты тутан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол – утумнааһын, оҕо саадыттан саҕалаан алын кылааска диэри.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэчээттэнэн тахсар оҕо сурунаалларын Финляндияҕа, Москваҕа тиийэ ааҕалларын билэбин. Норуот бэйэтин уратытын көрдөрөр оҕолорго аналлаах сурунаал дойду бары муннугар баар буолбатах. Биһиэхэ баара, илиибитигэр тутан олорорбут, итии, үөрэх эйгэтигэр тэҥҥэ хардыылаан иһэрбит – бу биһиги дьолбут. Онон иитии үлэтигэр кыайа-хото туһаныаххайыҥ диэн ыҥырабын.
Сардаана МАТВЕЕВА.