Учуутал идэтэ урукку саҕаттан ытыктанар, кинини «тыыннаах таҥара» курдук көрөллөрө. Ол эрээри, билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ билиини биэрээччи учуутал эрэ буолбатах. Аныгы үйэ тосхоллоро, интернет, социальнай ситимнэр, сайыннылар. Учуутал бүгүн тьютор, куратор, а.э ыйан — кэрдэн биэрээччи, сирдээччи буолар.
Дьокуускайдааҕы Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо Дыбарыаһын алын кылааһын учуутала, Учууталлар Учууталлара, Россия үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ Надежда Григорьевна Борисова санаатын кытта үллэстэр:
Араас көлүөнэни үөрэтэн кэллим. Урут профориентация диэн өйдөбүл олох суох этэ. Кэнники уон сылга киирдэ. Холобур, алын кылаас үөрэнээччитэ «Идэ», «Инниким» диэн тыллар тула Петр Тобуруокап курдук бэйиэттэр хоһооннугар билсиэн, толкуйдуон сөп этэ. Оттон билигин атын хартыына. Араас элбэх кинигэлэр, тиэстэр, бырагырааммалар оҥоһуллаллар. Оҕолорго номнуо сотовай телефоннарыгар дьиэҕэ үлэ биэрэбин, үөрэн толорон кэлэллэр. Билиҥҥи үөрэҕириигэ оҕо инникитин, идэтин тобуларыгар чопчу систиэмэ суоҕун билиниэххэ наада. Ол гынан баран, бачча балысханнаах сайдыыга, үлэҕэ саҥа ньымалар, бырагырааммалар үөскүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Профориентация үлэтин үөрэнээччилэрбэр ыытабын, форумҥа ылбыт билиибин туһаныам.
Бу курдук Сахабыт сирин ытык-мааны учууталлара үгүс сыллар тухары олохторун оҕо иитиитигэр аныыллара хайҕаллаах. Саҥаны, сонуну билэллэр, үөрэнэллэр. «Учуутал идэ эрэ буолбатах, кини ытык аат-суол» дииллэрэ чахчы сөп этии.
Эльдар Садовников