Саҥа үөрэх дьылыгар иитии, үөрэхтээһин эйгэтигэр үгүс уларыйыылар киирэллэр. Бу туһунан үөрэнээччилэр, учууталлар санааларын иһиттибит.
Федеральнай Сокуоҥҥа оҕону үлэҕэ иитии туһунан эбии киирдэ. Үөрэнээччилэр бэйэлэрин саастарыгар сөптөөҕүнэн үлэлиэхтэрэ. Холобур, кылаас иһин хомуйуу, сууйуу, бибилэтиэкэҕэ кинигэлэри дьаарыстыырга көмөлөһүү, сибэккигэ уу кутуу, субуотунньукка кыттыы. Төрөппүт сөбүлэҥэ аны эрэйиллибэт.
– Бу саҥа уларыйыы үөрэнээччилэргэ да, үлэһиттэргэ да туһалаах. Биһиги, үөрэнээччилэр, оскуолабытын харыстыы, хомуйа, сууйа-сото сылдьыахтаахпыт. Мин үлэлиирбин сөбүлүүбүн, быйыл сайыҥҥы каникулум кэмигэр «Нал» кафеҕа үлэлээтим.
Анна СТЕПАНОВА, VIII кылаас,
А.С.Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас.
«11 кылаас үөрэнээччилэрэ, уопсайа, 650 тыһыынча оҕо, история уруоктарыгар «Новейшая история» учуобунньуганан үөрэниэхтэрэ», – диэн Арассыыйа үөрэҕириитин миниистирэ Сергей Кравцов биллэрдэ.
– История уруогар «Новейшая история» диэн саҥа кинигэлэр тахсыбыттарын Москубаҕа көрдөрбүттэрэ. Бу учуобунньуктар 2 модультан тураллар: «Мировая история» уонна «История России». Икки сылга 4 учуобунньук наада. Онно 70 с., 80 с., 90 с., 2000 сс. Саҥаттан суруллубуттар. 2014 с. ыла уонна байыаннай эпэрээссийэ(СВО) туһунан бастаах. Учуобунньуктар кэлэ иликтэр, ааҕа иликпин. Мединскэй ааптардаах учуобунньук суруллубута хас да сыл буолла, онон үчүгэй хаачыстыбалаах буолуо диэн бигэ эрэнэбит.
Геннадий ПЕСТРЯКОВ, история, обществознание учуутала,
И.В. Пухов аатынан Окоемовка орто оскуолата, Уус Алдан.
Бары оскуола бибилэтиэкэлэрэ биир цифровой платформаларга холбонуохтара. Ол түмүгэр хас биирдии үөрэнээччи логин уонна пароль ылан, уус-уран айым ньылары ааҕар кыахтаныа. Бу туһунан РФ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа министиэристибэтин баһылыга Максут Шадаев биллэрдэ.
– Бу сонуну үөрэ иһиттибит. Оҕолор үөрэтэр айымньыларын толору кинигэтин ааҕыахтаахтар. Ол эрээри элбэх оҕолоох кылааска кинигэ тиийбэтэ баар буолар. Оттон билигин үөрэнээччилэр хайа баҕарар суруйааччы кинигэтин ааҕар кыахтаммыттара үчүгэй. Бу маннык саҕалааһын кинигэни ааҕар оҕо элбииригэр олук буолуо диэн эрэнэбин.
Мария ПОСКАЧИНА,
Н.Н. Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын педагог-бибилэтиэкэрэ, Бүлүү.
Улахан кылаастарга алын байыаннай бэлэмнэнии (НВП) киирэр. Үөрэнээччилэр араас быһылааннарга бастакы көмөнү оҥоруу үөрүйэхтэрин, ньымаларын билиэхтэрэ, пилота суох көтөр ааллары үөрэтиэхтэрэ.
– НВП уруоктара киирэллэрэ сөп дии саныыбын. Мин оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына булгуччулаах дьиссипилиинэ курдук баар этэ. Оҕону патриотическай тыыҥҥа, ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга иитэр. Уол оҕоҕо бу олус наадалаах: тулуурдаах, чопчу, эр киһилии буоларга үөрэнэн, аармыйаҕа сулууспалыы барарыгар бэлэм буолар.
Федор ЖИРКОВ, аангылыйа тылын учуутала,
И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин медиа-оскуолатын салайааччыта, Мэҥэ-Хаҥалас
Кэлэр үөрэх дьылыгар бары оскуолаларга оскуола тыйаатыра уонна спорт-кулууба тэрийиллиэ.
– Оскуола тыйаатыра уонна спорткулууптар оҕо дьоҕурун, талаанын сайыннарыыга, иитии-үөрэтии ситимигэр, үөрэнээччи төрүт уонна атын омуктар тылларын, култуураларын, үгэстэрин билиитигэр төһүү күүс буолуохтара. Бэйэ-бэйэҕэ иллээх-эйэлээх сыһыаҥҥа, эппиэтинэстээх буолууга үөрэтиэхтэрэ.
Антонина АФАНАСЬЕВА,
«Эрчим» медиа-оскуола салайааччыта, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.
Автор: Снежана Воронова