Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө балаҕан ыйын 21 күнүгэр Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр Ураһалаах алааска бэлиэ түгэн буолан ааста https://t.me/keskil_media2020/12701
Ураһалаах – Саха сирин историятыгар бэлиэ миэстэни ылар сир. Дьокуускайтан Охотскай муораҕа, Аяҥҥа барар айан суолун аттыгар турар алаас буолан, дойду үрдүнэн ыытыллыбыт утарыта турсуулаах айдааннар Ураһалаах чуумпу олоҕун тумнубатахтар.
Гражданскай сэрии сылларыгар «үрүҥнэр» уонна «кыһыллар» этэрээттэрэ Эмис нэһилиэгин алаастарыгар, ол иһигэр Ураһалаахха, сылдьан ааспыттарын туһунан биир дойдулаахпыт, историческай наука кандидата Владимир Ильич Пестерев суруйууларыттан ааҕан билэбит.
Эмис нэһилиэгин алаастарынан Строд, Байкалов, Курашов, Артемьев, Боссоойко, Сэмэн Михайлов (Чыамайыкы) уо.д.а. аттаах этэрээттэрэ элбэхтик сылдьыбыттара, ытыаласпыттара. Олохтоохтор ити үлүгэрдээх моһоллортон ыраах алаастарга, айан суолуттан тэйиччи куоталлара да, син биир ас-таҥас, сылгы-көлө көрдөөн ыар ыалдьыттар сылдьаллара.
Саха норуотун суруйааччыта Николай Гаврилович Золотарев-Якутскай «Төлкө» романын сүрүн геройа Сүөдэр Амма Солобуодатыгар Кыһыл аармыйа сорудаҕын толоро баран иһэн, Ураһалаах алааска сылдьан ааһар.
Ураһалаах ыалын түннүгүн уотун Сүөдэр ыкса киэһэ, ыал утуйуон иннинэ, көрөр. Тоҥон ыксаан иһэр буолан, туох да сэрэҕэ суох ыал тэлгэһэтин иһигэр киирэн, манна бандьыыттар баалларын дьэ өйдөөн, биирдэ «бабат» диир. Дьиэттэн саалаах дьоннор күлүгүлдьүһэн тахсаллар. Күрүө остоолболоругар хас да ыҥыырдаах ат бааллан турарыгар бараллар. Сүөдэри көрбөтүлэр быһыылаах. («Төлкө», 1973 с., 589 стр.)
Гражданскай сэрии бүппүтүн кэннэ, сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэнниттэн 1930-с сылларга Ураһалаах «2-с Пятилетка» холкуос киинэ буолбут.
Өр сылларга бэрэссэдээтэлинэн Петр Андреевич Захаров үлэлээбит. Кини «2-с Пятилетканы» 1934 сылтан 1953 сылга диэри салайабыт. Петр Андреевич Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр дьонугар-сэргэтигэр истиҥник сыһыаннаһан, сут-кураан кэмигэр биир да киһини хоргутан өлөрбөккө колхуоһу сатабыллаахтык салайбыт. Петр Андреевич салалтатынан «2-с Пятилетка» колхуос дьоно түмсүүлээхтик үлэлээн, Улуу Кыайыыны уһансыбыттар. Ол иһин оччотооҕу аас-туор сыллары этэҥҥэ туораабыт «пятилеткалар» Петр Андреевич Захаровка куруук махтаналлар эбит.
Үтүө киһи үтүө дьыалата умнуллубат. 85 сыл буолан баран, «пятилеткалар» ыччаттара төрүт өбүгэлэрин махталларын үйэтитэн, балаҕан ыйын 21 күнүгэр Петр Андреевич Захаровка, «2-с Пятилетка» холкуос туруу дьонугар махтанан, Ураһалаах алааска өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэни туруордулар. Кэлэр кэнчээри ыччат тохтоон, көрөн-истэн, сүгүрүйэн аастын диэн.
Сэрии ыар сылларыгар Петр Андреевыһы кытта биригэдьиирдэр К.Ф. Новиков, Г.И. Захаров, ферма сэбиэдиссэйинэн ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата Д.П. Новикова, суотчутунан сэриигэ барыар диэри Н.Е. Новиков, кэлин Я.Е. Соловьёв бииргэ үлэлээбиттэр.
Сэрии саҕаланар сылыгар, 1941 сыллахха, «2-с Пятилетка» нэһилиэнньэтин ахсаана 196 киһи эбит. Хаһаайыстыбата – 50 ыал. Ынах сүөһүтэ – 140 төбө. Сылгыта – 143.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ «2-с Пятилеткаттан» 35 киһи ыҥырыллан барбытыттан 14 киһи көмүс уҥуоҕа сэрии толоонугар хаалбыт. «1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин» Сталин төбөлөөх мэтээлинэн 37 киһи наҕараадаламмыт. Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар 16 киһи сылдьыбыт. Ити курдук «пятилекталар» Улуу Кыайыы туһугар көмүс көлөһүннэрин тохпуттар.
Мэҥэ бэлиэ үөрүүлээх арыллыытыгар Амма улууһун кырдьаҕастарын сэбиэтин салайааччыта Мария Романовна Захарова кыттыыны ылла. Кини бэйэтин махтал тылын, баҕа санаатын этэн туран, Кыайыы 80 сылын көрсө өйдөбүнньүк бэлиэ оҥоһуллан турарыгар кылааттарын киллэрбит, күүс-көмө буолбут дьоммутугар улуус баһылыга С.Н. Кузьмин аатыттан, Эмис нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан Нонна Николаевна Ноговицына Махтал суруктары туттардылар.
Петр Андреевич Захаров уола Илья Петрович Захаров кэргэнэ Татьяна Иннокентьевна Захарова, Петр Андреевич сиэнэ Петр Ильич Захаров кыттыыны ыллылар, Эмис дьонугар-сэргэтигэр дириҥ махталларын биллэрдилэр.
«2-с Пятилетка» колхуос сэрии кэминээҕи, сэрии кэннинээҕи олоҕун, үлэтин-хамнаһын тыыннаах туоһута, тыыл бэтэрээнэ, нэһилиэкпит 89 саастаах ытык кырдьаҕаһа Евдокия Егоровна Пестерева төрөөбүт алааһыгар сылдьан, ыччаттарыгар үтүө санаатын эттэ, махтанна.
Өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэ туруоруутугар 43 киһи кытыыны ылла. Бу бэлиэ турарыгар кылааттарын киллэрсибит дьон испиэһэгин анал капсула иһигэр уган, Петр Андреевич сиэнэ Петр Ильич Захаров кыттыылаах Ураһалаах алаас буоругар көмтүлэр.
Уопсай мунньах быһаарыытынан, биир санаанан салайааччынан В.П. Константиновы таллылар. Аны үс сылынан бу курдук түмсэн капсуланы арыйыахтара. Онон аны үс сылынан көрсүөхпүт диэн сүбэлэһэн, остуол тула олорон, ийэлэрин, аҕаларын, эбэлэрин, эһэлэрин, чугас дьоннорун ахтан-санаан, Кыайыыга кынаттаабыт ырыалары ыллаан-туойан аастылар.
Эрчим НИКОЛАЕВ, IX кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма