Бу күннэргэ биһиги оскуолабытыгар ыстаҥаҕа күрэхтэһии буолбута. Манна 3-11 кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыбыттара. Быйыл биһиги оскуолабытыгар “Бөртө” спортивнай кулууп тэриллибитэ. Сыл устата оҕолор кылаастарынан спорт араас көрүҥнэригэр күрэхтэһиэхтэрэ. Ол курдук, ыстаҥа, саха төрүт оонньуулара, пляжнай волейбол, саахымат, остуол тенниһэ, хайыһарга эстафета, баскетбол, чэпчэки атлетикаҕа эстафета буолуоҕа. Бу спартакиадабыт аата «Бөртө эрэллэрэ» («Надежды Бөртө») диэн ааттаах, манна 8-11 кылаас хамаандалара кытталлар. Күрэхтэһии түмүгүнэн 1 миэстэ 11 кылаастар, 2 миэстэ 9 кылаас хамаандата, 3 миэстэ 8 кылаас хамаандата буолла.
Осипова Ильяна, М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ
Хаартыскаҕа түһэрдилэр: Иванова Вика, Зыкова Нарыйаана, 7 кылаас үөрэнээччилэрэ