Муус устар 4 күнүгэр Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатын үрдүкү кылааһын уолаттара уонна кинилэр аҕалара Саха сирин Автономиятын 100 сылыгар уонна Аҕалар күннэригэр анаан сахалыы таҥастаах оһуокайдаатылар.
Аҕа, оҕо оһуокайын биллэр общественник, Марха өрүс көмүскэлигэр аналлаах түмсүү салайааччыта, Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатын аҕалар сүбэлэрин баһылыга Любомир Николаевич Михайлов уонна Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатын дириэктэрэ Василий Михайлович Владимиров, оскуола кэлэктиибэ тэрийдилэр.
Оһуокайы оскуолабыт Аҕалар сүбэлэрин Бырабылыанньатын чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, элбэх оҕолоох аҕа Виктор Игнатьев таһаарда. Сорох оҕолор оһуокайга аан бастаан кытыннылар. Кинилэргэ аҕалар оһуокай хаамыытын, сахаларга оһуокай суолтатын билиһиннэрдилэр. Любомир Михайлов саха киһитигэр оһуокай ураты суолталааҕын, сомоҕолуур күүстээҕин, өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрбитин өрө тутуохтаахпытын кэпсээтэ.
Оҕолор бастаан туттуна соҕус, онтон улам аһыллан, үҥкүүгэ киирэн, оһуокай этээччини батыһан, тэҥҥэ тылын үтүктэн, бэртээхэй эйгэҕэ киирдилэр. Оскуола дириэктэрэ Василий Михайлович этэринэн, бу сайын оскуола үбүлүөйүгэр оһуокай улахан түһүлгэтэ тэриллэрэ былааннанарын биллэрдэ. Убаастабыллаах аҕалары оскуола учуутал Кэрэ Куолара, Далбар хотуттара сахалыы таҥаһынан симэнэн, хомуска оонньоон уруйдаатылар.
Хомойуох иһин, оскуолабыт олбуоругар баппат буолан, бу сырыыга IX-XI эрэ кылаастар кытыннылар. Аҕа, оҕо оһуокайын Сахабыт сирин атын оскуолалара өйүөхтэрэ, үтүө холобуру батыһыахтара диэн эрэнэ хаалабыт.
Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатын Аҕаларын сүбэтэ.