Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 5-6 кылааһын үөрэнээччилэригэр «Эдэр корреспондент» куруһуок үлэлиир. Биир күн эдкордарга уоруу туһунан аһаҕас кэпсэтии буолла.
Оҕолор маннык түгэни ырыттылар: Биирдэ Ваня доҕоруттан телефонун уорбут. Ону ким да көрбөтөх. Оттон Ваня доҕоро телефонун сүтэрэн наһаа хомойбут. Уол санаата икки диэки хайдыбыт. Биир өттө: «Билин, билин!» диир эбит, оттон иккис өттө: «Билинимэ, уоруйаххын бары билиэхтэрэ дии!» — диир. Ваня уол хайыаҕай?
Оҕолор бу түгэни ырыттылар, санааларын үллэһиннилэр. Дьиэлэригэр сорудахтаах бардылар. Корреспонденнар буолалларын быһыытынан, үс киһиттэн бу түгэҥҥэ туох сүбэни биэрэллэрин ыйыттылар.
Эмилия Заболоцкая, 5 кылаас: «Мин ийэм бу туһунан маннык этэр: «Мин уоруом суох этэ. Тоҕо диэтэр, уорар куһаҕан, анньыы», аҕам: «Уоруйах киһи куһаҕан олохтоох, кини туһунан куһаҕаны эрэ этиэхтэрэ»,-диир. Балтым Валерия: “Ваня эбитим буоллар, билиниэм этэ. Уоруйах буолуохпун баҕарбаппын». Оттон мин санаабар, Ваня билиниэхтээх. Билиммэтэҕинэ, уоруйах буолан хаалыа».
Игнат Винокуров, 6 кылаас: «Ийэм бу уол туһунан кэпсээбиппэр: «Ханнык баҕарар малы ханна да сыттын, эйиэнэ буолбатах буоллаҕына, ылбат баҕайыта. Ол кэриэтэ ханна көрбүккүн этиэхтээххин», — диэтэ. Оттон эдьиийим Валя: «Ваня куһаҕан быһыыны оҥорбут. Билиниэн наада. Атын киһи малын ылар сыыһа», -диир. Мин Ваняҕа сүбэм: «Доҕоруҥ телефонун төннөр. Доҕоргун сүтэрэр -олоххор саамай улахан охсуу буолуо».
Эля Сухомясова, 6 кылаас: «Мин ийэм: «Ваня уоруйах буолуон баҕарбат буоллаҕына, доҕорун телефонун төннөрүөхтээх. Биэрбэтэҕинэ, уоруйахха кубулуйуо», — диэтэ. Мин эмиэ итинник саныыбын. Уора-уора, киистии-киистии сырыттаҕына, улаатарыгар улахан уоруйах буолуо».
Изольда Слепцова, 6 кылаас: «Эһэм: «Ити уол телефону төннөрдөҕүнэ табыллар. Биэрбэккэ кистээтэҕинэ, наар куһаҕаҥҥа эрэ талаһыа. Устунан уоруйах, куһаҕан киһи буолан хаалыа,»- диир. Убайым: «Уорбут телефонун кистии сытан тугу туһаныай. Наадата суох дии. Ол кэриэтэ бэйэҥ өлөрбүт харчыгынан ылынар ордук», — диэтэ. Оттон мин санаабар, Ваня оҕо сааһыттан уоруйах буолуон баҕарбат буоллаҕына, доҕорун телефонун биэриэхтээх».
Оҕолор, уорар куһаҕанын бары да бэркэ билэбит эрээри, хомойуох иһин, маннык түгэннэр сүтэн хаалбаттар. Оттон маннык аһаҕас кэпсэтиигэ киһи өйө-санаата уһуктар. Санааны сааһылаан этэ, атын дьон санааларын болҕойон истэ үөрэнэҕин. Онон эһиги эмиэ бу маннык кэпсэтиилэри тэрийэн кыттыҥ, ырытыҥ, сайдыҥ, арыллыҥ.
И.Ноговицына
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.