Сүрэхпэр иҥмит
Ийээ, мин күндү киһим,
Эн таптаан көрөр хараҕыҥ
Куруук миигин арыаллыыллар,
Эн сылаас, сымнаҕас илииҥ
Имэрийэр курдуктар.
Эн минньигэс куолаһыҥ
Кулгаахпар нарыннык сипсийэр,
Намыын ырыаҥ дорҕооно
Иҥмит эбит сүрэхпэр.
Ийээ, мин күндү киһим,
Баар курдуккун аттыбар…
Ефимова Маша.
Эн — киһи кэрэтэҕин!
Ийээ, эн олус да күндүгүн.
Ийээ, эн киһи кэрэтэҕин,
Эн баар буолаҥҥын мин баарбын,
Олох киэҥ аартыгар үктэнэн эрэбин.
Ийээ, эн илииҥ сылааһа
Мин сүрэхпэр өрүү,
Амарах сүрэҕиҥ иэйиитэ
Араҥаччылыыр мэлдьи.
Таня Томская.
Күндүттэн күндүбүт
Мин тапталлаах ийэм Бурцева Светлана Михайловна оскуолаҕа нуучча тылын учууталынан үлэлиир. Иллэҥ кэмигэр иистэнэр, аһы наһаа минньигэстик астыыр.
Мин ийэбин олус таптыыбын. Кини амарах майгылаах. Биһигини куруук таптыы, сыллыы-ууруу сылдьар.
Ийэ диэн тыл, мин санаабар, туохтан да күндү. Киһи барыта киэн туттар тыла. Ийэттэн ордук күндү оҕоҕо ким да суох.
Күндү ийэбин тиийэн кэлбит бырааһынньыгынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Кини куруук үөрэ сылдыан, дьоллоох буолуон баҕарабын.
Нарыйа Бурцева.
Ийэтэ суох — туох да суох
Күн срин көрдөрбүт күндү ийэбин Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэринэн эҕэрдэлиибин! Сир үрдүгэр баар үчүгэйи барытын баҕарабын!
Ийэм курдук кыраһыабай, көрдөөх киһини көрбөтөҕүм. Ийэ биһиэхэ сырдыгы, бу сири көрдөрбүтэ. Мин санаабар, ийэтэ суох — оҕо суох. Ийэтэ суох – туох да суох. Ийэ оруола ити курдук сүдү. Онон ийэҕитин харыстааҥ. Кини доруобай буоллаҕына, оҕо дьоллоох.
Вера Горохова.
«Саһарҕа» пост.
Эҥэ, Дьааҥы.