Хамаҕатта саха-француз лиссиэйин III кылааһын үөрэнээччилэрэ сонуннарын үллэстэллэр. Кылаас салайааччыта — Канаева Мотрена Васильевна. Үһүстэр кылаастарыгар 14 буолан үөрэнэллэр: 7 уол, 7 кыыс. Быйылгы үөрэх дьылыгар төрөппүттэрин кытта информационнай-медийнэй хайысханы талан, бу бастакы холонууларын сонун гына тиһэн ыыттылар. Кылааһынан бары “Кэскил” уонна “Юность Севера” хаһыаттарга суруйтардылар. Ону таһынан кылааһынан намнар киэн туттар олоҥхоһуппут П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхотуттан сири-дойдуну хоһуйуутун туруора сылдьаллар. Кыргыттар чабырҕахтыыллар, уолаттар хоһоон аа5аллар. Сэҥээрэллэрэ элбэх, үөрэнэргэ-сайдарга олус баҕалаахтар.
Биһиги дьиэ кэргэн ытык мала
Индеевтэр дьиэ кэргэн хос эбээбит Индеева Варвара Николаевна диэн этэ. Эһээбит Иван Афанасьевич ийэтэ. Эһээбит “Комсомольскай” совхозка экономистаабыта.
Эбээбит Надежда Владимировна дьиэтигэр киэн туттарбыт– дьиэтээҕи библиотеката. Манна уруккуттан мунньуллубут араас элбэх кинигэ баар. Бука бары ааҕарбытын сөбүлүүбүт.
Биһиги дьиэ кэргэн урукку өбүгэлэрбит малларын уура-көрө сылдьабыт. Холобура, туос иһит хос эбээбит Варвара Николаевнаттан хаалбыт. Бу улахан ыаҕас сааһа 120-чэтэ. Саар ыаҕас хос эбэ ийэтиттэн хаалбыт. Ким оҥорбута биллибэт. Үрдүгэ — 32 см, кэтитэ — 29 см. Сырдык туостан тигиллибит, үөһэ өттүнэн 2 аҥаар см талах иилээх, онтуката иҥиир сабынан оһуордуу тигиилээх. Түгэҕэ хос-хос тигиллибит буолан тэстибэт. Былыр арыы, отон, үүт хаһааналлар эбит.
Улахан саар ыаҕаһы харыстыыбыт, туттубаппыт, сааһа ырааппыта бэрт. Олус бөҕө гына оҥоһуллубут, билигин даҕаны өбүгэлэрбитин кытта сибээстиир мал буолан турар.
Индеев Айсен.
Цирк
Иккис чиэппэри наар туйгун сыанаҕа түмүктээтим. Үөрэхпэр олус кыһаллыбытым, онон түмүгү истэн үөрбүтүм.
Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүлгэ (тохсунньу 3 күнүгэр) Дьокуускай куоракка балтыбын кытта бассейҥҥа уонна Саха циркэтигэр сылдьыбыппыт. Циркэҕэ биһиги бастакыбытын сырыттыбыт. Наһаа элбэх киһи, оҕолор бааллара. Цирк олус киэҥ, үчүгэй эбит. «Снежная королева» диэн остуоруйаны көрдүбүт. Бу көрдөрүүгэ ыттар, аттар, попугайдар, эриэн үөннэр, эбисийээнэлэр, пираттар уонна араас мультик дьоруойдара, табалар кытыннылар.
Циркачтар кыыллары кытта араас үчүгэй нүөмэрдэри толорбуттара. Акробаттар быаҕа кутталлаах трюктары көрдөрбүттэрэ. Көрөөччүлэр бары да астыннылар, үөрдүлэр быһыылаах. Биһиги циркэни олус сөбүлээтибит, эһиил эмиэ барыахпыт.
Петров Алеша.
Орто Дойду зоопаркатыгар
Күһүөрү сайын дьоммун кытта Хаҥалас улууһугар баар Орто Дойду зоопаркатын баран көрбүппүт. Онно үксэ Саха сирин кыыллара этэ. Хас биирдии кыылы үчүгэйдик сыныйан көрөммүт, хойукка диэри сылдьыбыппыт. Саамай сөбүлээн овцебыгы, табалары, эһэлэри, үрүҥ эһэни, куобахтары көрбүтүм. Хотойу көрүөхпүн баҕарбытым да, мин диэки олох эргийбэтэҕэ, көхсүнэн олорбута. Кэнниттэн да көрдөххө, аарыма көтөр, көтөрдөр ыраахтааҕылара дииллэрэ чахчы эбит. Биир улахан хагдаң эһэ наһаа үчүгэйдик үҥкүүлүүрэ, куобахтар мээчиктии төкүнүһэллэрэ, үрүң эһэ ууга оонньуура, кабан часкыйа-часкыйа сүүрэрэ, табалар киһиэхэ сүүрэн кэлэн имэрийтэрэллэрэ — остуоруйа кэпсээнин курдуга. Террариумҥа баар кыыллары көрүөхпүн баҕарбытым даҕаны, хомойуох иһин, хатааһыннаах турара.
Зоопарка олус киэҥ, ортотугар араас элбэх кустар, хаастар, кубалар, киһиттэн куттаммакка, аргыый усталлар.
Кинигэҕэ, киинэҕэ, хартыыналарга көрбүт кыылларбын дьиҥнээхтии илэ көрөн астыммытым. Кэлэр сылга эмиэ хайаан да баран көрүөхпүт диэммит астынан, үөрэн-көтөн, дьиэбитигэр төннүбүппүт.
Румянцева Дайаана.
Күөх Харыйачаан
Арай биирдэ халыҥ тыа быыһыгар баар сыһыыга кып-кыра Харыйачаан үүммүт. Күн сырдыгын батыһан улаатан, киэркэйэн испит. Куйаас күннэр кэннилэриттэн ардах түстэҕинэ үөрэн, лабааларын хамсатара. Күһүн тымныылар түһэн, аттынааҕы мастар хагдарыйан, сэбирдэхтэрин тэбэнэн бардахтарына, наһаа дьиктиргиирэ, тоҕо кини эрэ куруутун күөх турарын таайа сатыыра.
Ол курдук хас да сыл ааспыт.
Биир үтүө күн, күһүөрү сайын, аттыгар массыына кэлэн тохтообут. Икки киһи лаппаахылаах уун-утары Харыйачааҥҥа хааман кэлбиттэр: «Оо, наһаа да үчүгэй харыйа турар эбит, маны ылыахха, оҕолор үөрүүһүктэр»- дэһээт, буору хаһан киирэн барбыттар. Харыйачаан барахсан айманна да, ытаата да — кинини ким да истибэтэ, арай аттынааҕы мастар лабаалара эрэ суугунуур. Силиһин оргууй түөрэн ылан, мөһөөччүккэ угаат, массыынаҕа тиэйэн айанныы турдулар.
Биирдэ өйдөммүтэ, кэрэ бэйэлээх саҥа дьиэ тэлгэһэтигэр олордуллубут. Икки кырачаан оҕо, чаҕылыспыт харахтарынан көрө-көрө, уу кута сылдьаллар эбит. Харыйачаан тугу да гыныан булбата, иһигэр үөрэ санаата, оҕолору көрөн, санаата уоскуйда. Дорооболоһордуу лабааларын хамсатта. Оҕолор төгүрүччү өрө сүүрэ сылдьан уу куталлар: «Биһиги Харыйачааммыт улаатыа да улаатыа, хас Саҥа дьыл аайы киэргэтиэхпит» — дии-дии куустулар, ырыа ыллаатылар. Харыйачаан хомойбута, ытаабыта ааһан хаалла.
Ол курдук хас Саҥа дьыл үүнүүтэ Харыйачааммыт киэргэтиллэн, араас күлүмүрдүүр оонньуурдары иилинэн, симэнэн аҕай көрсөр. Дьоно кини тула үҥкүүлээн, үөрэн-көтөн, Саҥа дьыллаабыттара хаһыс да сыла буолла. Билигин Харыйачаан улаатыаҕын улаатан, аарыма мас буолан турар. Урут кыра эрдэҕинэ бэйэтэ-бэйэтигэр биэрэр боппуруоһун эппиэтин билэн турар, атын мастартан кини мааны, күүтүүлээх бырааһынньык биир кэрэ киэргэлэ буоларын. Били кыра оҕолоро билигин улаатан, бэйэлэрэ оҕолонон, дьоннорун кытта Саҥа дьылы көрсө, сайынын оттуу-мастыы, сир астыы кэлэллэр. Билиҥҥээҥҥэ диэри Харыйачааннарын кууһан, имэрийэн, кинилиин кэпсэтэн ааһаллар. Кэллэхтэринэ үөрэн, лабааларын хамсатан дорооболоһор, бардахтарына хомойон, ырыых-ыраах сүтүөхтэригэр диэри көрөн хаалаахтыыр.
Вика Парыгина.
Мас хайыттым
Оскуолаҕа үөрэнэрбин олус сөбүлүүбүн, уруокка болҕойон истэбин, дьиэм үлэтин кичэйэн толоробун. Быйыл Саҥа дьылы көрсө, аан бастакыбын туйгун үөрэнээччи буолан үөрдүм, эбээбин, дьоммун үөртүм.
Кыһыҥҥы каникулбар Дьокуускай куоракка сырыттым. Онтон Горнай улууһугар баран күүлэйдээн, сынньанан кэллим. Дьокуускай куораттан өр айаннаан тиийбиппит. Бу олус киэҥ сир эбит. Атына диэн, дьиэлэрин оһох оттон ититэллэр. Мин санаабар, ол иһин дьиэлэрэ сөрүүн соҕус. Мас чууркалары хайытан бэлэмнээн, элбэхтик оттоллор эбит. Аҕам мас хайытарын көрөн, мин эмиэ хайытан көрдүм. Бастаан нэһиилэ биир чуурканы, онтон син албаһын билэн, хаһы да хайыттым. Ити курдук аҕабынаан син элбэх маһы хайыттыбыт. Мин олорор сирбэр Хамаҕаттаҕа газ буолан, оһох оттор, мас хайытар диэни билбэт эбиппит.
Ити курдук, элбэҕи билэн-көрөн, дьоммор көмөлөһөн, каникулбун туһалаахтык атаардым.
Решетников Андриан .
Наһаа үчүгэйдик ааста
Мин Саҥа дьыл бырааһынньыгын сыл ахсын күүтэбин. Бу күүтүүлээх кэм аптаах, кэрэ уонна интэриэһинэй буолар.
Быйылгы Саҥа дьыл миэхэ эмиэ олус үчүгэйдик ааста. Каникул оскуола утреннигыттан саҕаламмыта. Биһиги кылааспыт «Бременские музыканты» остуоруйаттан быһа тардан көрдөрдүбүт. Кэбиниэппитин төрөппүттэр олус үчүгэйдик киэргэтэн, бастакы миэстэни ылбыппыт.
Дьиэбитигэр Саҥа дьылга бэлэмнэммиппит, харыйабытын симээбиппит, дьиэбитин киэргэппиппит. Күүтүүлээх Саҥа дьыл бырааһынныгар Тымныы Оҕонньор мин сакаастаабыт оонньуурбун бэлэхтээбитэ.
Биһиги дьиэ кэргэммитигэр сылын аайы эбээлээх эһээм күрэхтэһии ыыталлар. Быйыл дуобакка күрэхтэстибит. Мин 7 оҕоттон маҥнайгы миэстэни ылбытым. Инники сылларга уруһуй, харыйа оонньууругар, аккырыыкка оҥоһугар уонна ырыа-хоһоон күрэхтэһиилэрэ буолан ааспыттара.
Мин ийэлээх аҕабын уонна балтыбын кытта Дьокуускай куоракка күүлэйдии баран кэлбиппит. Биһиги робот быыстапкатыгар сырыттыбыт. Онно араас роботтар бааллара: хаартыскаҕа түһэрэр «Россия В2», «Россия В5», үҥкүүлүүр роботтар, «Лего» роботтара, “Бамблби” диэн киинэ робота, онтон да атыттар. Мин саамай «Лего» роботтарын интэриэһиргээбитим, бу роботтары дьон бэйэтэ айан оҥорбуттар эбит.
Мин санаабар, бу Саҥа дьыллааҕы каникулум наһаа үчүгэйдик ааста.
Кобяков Петя.
Выставка будущего
С 13 декабря по 13 января впервые в нашей столице была организована международная выставка «Парк Роботов». На выставке я познакомился с роботами из легендарной серии фильмов «Звездные войны», остроумным роботом Деревякой, который мне «предсказал», что ждет меня в этом году, а также со многими другими роботами. А самым запомнившимся роботом явился гигантский робот BattleKing, на котором я смог покататься.
Кроме роботов в парке есть интереснейший «мир» виртуальной реальности, который завораживает с первых же минут.
В Парке Роботов для всех детей были организованы интереснейшие мастерские: 3Д –художника, ретро-комната, где мы должны были вспомнить свое детство, технотворчество, беседа и общение с роботами.
Я очень рад, что посетил данную выставку и узнал много нового из области инновационных технологий.
Илья Ушницкий.
Күүтүүлээх бырааһынньыгым
Мин саамай сөбүлүүр уонна күүтүүлээх бырааһынньыгым – Саҥа дьыл. Саҥа дьылга улаханныын–кыралыын эрдэттэн бэлэмнэнии бөҕө буолабыт. Мин Моруос Оҕонньорго сурук ыыппытым. Саҥа дьыл бырааһынньыга музыка уонна үөрэнэр оскуолаларбар наһаа үчүгэйдик ааста. Музыка оскуолатыгар мин бастакы кылааска үөрэнэбин, онон саҥа үөрэппит икки үҥкүүбүтүн дьон көрүүтүгэр таһаардыбыт. Долгутуулаах этэ. Наһаа үчүгэй дьүһүйүүнү көрбүппүт, Моруос Оҕонньортон минньигэс бэлэх туппуппут.
Оскуолабыт Саңа дьыл бырааһынньыгар биһиги, үһүс кылаас оҕолоро, хоһоон аахпыппыт уонна «Бременские музыканты» остуоруйаттан оонньоон көрдөрбүппүт. Кыргыттар бары цыганка буолан үнкүүлээбиппит. Мин цыганкам көстүүмүгэр үһүс миэстэ буолан, бириис ыллым. Өссө туйгун үөрэҕим иһин Моруос Оҕонньор махтал суругун туттарда.
2019 сыл буолар түүнүгэр мин эһээбин, төрөппүттэрбин, убайбын кытта саңа дьиэбитигэр наһаа бэһиэлэйдик көрүстүбүт. Түүн 12 ч. кэнниттэн бары таһырдьа тахсан, фейерверк ыттыбыт. Онтон дьиэбэр киирбиппэр, дьиэм дьуолкатын анныгар бэлэх уурбут. Моруос Оҕонньор сыл аайы уурарын билэр буолан кэтэһэбин. Моруос Оҕонньор миэхэ бэлэҕэ – Лол куукулалар дьиэлэрэ! Мин наһаа да үөрбүтүм.
Саңа дьыл бырааһынньыктарыгар биһиги наар бииргэ оонньуур табаарыстарбыт Осипов Алик, Эрик, Чернов Никита, Соня каникулларыгар куораттан кэлбиттэрэ, астына-дуоһуйа оонньоотубут. Наһаа да бэһиэлэй күннэр аастылар!
Аня Жиркова.
Парк роботов
Эти каникулы провел с пользой.
С родителями сходили на мультфильм «Гринч похититель Рождества» в кинотеатре «Азия». Очень понравился. Потом посетили выставку «Парк роботов». Там можно увидеть более 60 удивительных роботов из Америки, Южной Кореи, Австралии, России и Японии. Я узнал много нового, интересного, даже пообщался с роботом. Еще на этой выставке можно поиграть в игры виртуальной реальности, сделать поделку 3Д ручкой. Мой брат сделал героя из своей любимой компьютерной игры. А мне больше всего понравилось общаться с промороботом и танцевать в виртуальном конкурсе танцев.
Также во время каникул читал, занимался математикой, решал логические задачи в любимом сайте Учи ру.
Ратмир Таркаев.
Олоҥхолуубун
Кылааспытыгар 14 оҕо бары кыһаллан, иллээхтик-эйэлээхтик үөрэнэбит. Иккис чиэппэри биэс оҕо наар туйгун сыананан түмүктээтэ.
Оскуолаҕа киириэм иннинэ уһуйааҥҥа сылдьан, чабырҕах үөрэтэн ааҕарым. Оскуолаҕа маҥнайгы кылааска үөрэнэ сырыттахпына, учууталым Матрена Васильевна олоҥхо ааҕарга дьарыктаабыта. Ол курдук, Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр» олоҥхотуттан сир-ийэ айыллыытын туһунан быһа тардыыны үөрэтэн аахпытым. Онтон ыла элбэх кэнсиэргэ, күрэхтэргэ нэһилиэк фольклорнай бөлөҕөр киирэн кытынныбыт. Куруук бириистээх миэстэҕэ тиксэн үөрэбит. Оскуолабытыгар биир күн анаан Олоҥхо күнэ буолар. Бары сахалыы таҥнан кэлэн үөрэнэбит, олоҥхо истэбит, кэпсэтэбит. Ону таһынан уруһуй, оҥоһук күрэҕэ буолбута.
Быйыл улууска кыра кылаас кыргыттарын ортотугар “Дьырыбына Дьырылыатта” диэн күрэххэ кытынным. Манна 11 кыыс күрэхтэс, хас да түһүмэххэ бары олус үчүгэйдик талааннарын, сатабылларын көрдөрдүлэр. Сорох ыллыыр, чабыр5ахтыыр, хомуска оонньуур эбит. Мин олоҥхону ааҕарым олус туһалаата дии санаатым. Түмүккэ миэхэ “Сандаара Куо” диэн бэрт үчүгэй анал ааты биэрдилэр.
Кыһын олоҥхо геройдарын куукуланан оҥоруу улуустааҕы күрэҕэр биһиги кылаас сорох ийэлэрэ оҕолорун кытта кытыннылар. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоңхо5о барыта 5 куукуланы тигэн, биһирэбил бириискэ тиксибиттэрэ.
Инникитин мин өссө атын олоҥхону ааҕыам, билиэм дии саныыбын. Бу дьарыкпын сөбүлээтим, салгыы сайыннарыам.
Алина Кутукова.