Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро»VIII-c оонньууларын пресс-киинигэр Михаил Егорович Друзьянов ыалдьыттаата. Михаил Егорович Саха сирин маҥнайгы волонтера, 1996 сыллааха успуорт миниистирин солбуйаачыта, оонньуулары хара маҥнайгыттан тэрийсибит, саха успуордун аан дойду таһымыгар таһаарарга сыратын уурбут чулуу киһи. Кини биһиэхэ кэлэн ыалдьыттаан, олус сэргэх, сонун кэпсэтиини таһаарда.
— 1996 сыллаахха мин успуорт уонна эдэр ыччат миниистирин солбуйааччыта этим. Президент Михаил Ефимович Николаев, толкуйдаан баран, оҕолорго туох эрэ улахан фестиваль дуу, күрэх дуу наада эбит диэбитэ. Биһиги өр толкуйдаамыт «Тюркские игры» дуу, «Арктические игры» дуу диэри гыммыппыт. Ону биир үтүө күн Михаил Ефимович миниистири ыҥыран ылан «Азия оҕолоро» диэн оонньууну тэрийэбит диэбитэ уонна тута бирикээс таһаарбыта. Ити 1995 сыл балаҕан ыйыгар этэ, онтон 1996 сыллаахха маҥнайгы оонньууну тэрийбиппит. Онно 8 хамаанда, 250 кытааччы кэлбитэ. Аан маҥнай тугу эрэ оҥорор мэлдьи ыарахан. Оччолорго куорат улахан аҥаара мас этэ. Таас дьиэ суоҕун кэриэтэ. Билигин оонньуу олус тубуста, кэҥээтэ. Волонтердар, пресса хамаандаларын көрүҥ! Номнуо 8-ыс оонньуу бүттэ. 9-с оонньуу атын дойдуга буолуо, оттон 10-с оонньуу хаттаан Саха сиригэр буолуо.
— Уруккуну тэҥниир буоллахха, билигин оонньуу хайдаҕый?
1996 сыллаахха оонньуу судургутук ыытыллыбыта. Бэйэбит оҕолору мунньан, бэйэбит дьоммутун судьуйалатан тэрийбиппит. Билигин аан дойдутааҕы требованиенан барыта оҥоһуллар, судьуйаларбыт таһымнара улахан, киирии-тахсыы быраабылата кытаанах.
— Саха успуорда аан дойдуга тэҥниир буоллахха хайдах таһымнааҕый?
Оҕо успуорда билигин олус сайдан турар. Хас улуус аайы спортивнай оскуола баар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 74 оскуола үлэлиир. Биһиги ыччаппыт аан дойду таһымыгар күрэхтэһэр. Эһиги төрөөбүт Сунтааргытыгар бокс, хайыһар, дуобат үчүгэйдик сайдыбыттара. Ону ааһан Сунтаарга көҥүл тустуу маҥнай тахсыбыта диэххэ сөп. Салгыы оҕо успуорда сайдарыгар туох да мэһэй суох. Оскуолаларга физкультура учууталлара үчүгэйдик үлэлиэхтэрин наада. Учууталлар оҕоҕо успуорка тапталы иҥэрэллэр. Кинилэри нэһилиэк, улуус салалталара өйүөхтээхтэр, үгүс күрэхтэһии тэрийиэхтээхтэр.
— Оттон эн бэйэҥ успуорка хайдах киирбиккиний?
Мин Чурапчы Арыылааҕар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан тустуунан дьарыктаммытым. Онтон улуус спортивнай оскуолатыгар киирбитим. Онно улуу Коркиҥҥа дьарыктаммытым, Олимпийскай чемпион Павел Пинигинниин биир кылааска үөрэммиппит. Онтон Таджикистаҥҥа Душанбе куоракка физкультурнай институту бүтэрбитим. Ону бүтэрбитим кэннэ хоту барыахпын баҕарбытым эрээри, куоракка хара күүстэринэн үлэҕэ ылбыттара, спортивнай оскуола дириэктэринэн.
— Ханнык күрэхтэри көрөн сэҥээрдиҥ?
Уонча көрүҥҥэ сырыттым, ол иһигэр тустуу, кураш, алыш. Аһыллыга сылдьыбытым, сабыллыытыгар эмиэ хайаан да тиийиэм.
— Эн биографияҕар Америка Вашингтон штатын бочуоттаах олохтооҕо диэн бэлиэтэнэр. Кэпсиэҥ дуо?
— Ол сэбиэскэй кэм этэ. 1980 сыллаахха Москваҕа олимпийскай оонньуу буолбутугар Америка кэлбэтэҕэ, биһиги дойдубут бэлиитикэтин утаран. Онтон 1984 сыллаахха олимпиада Америкаҕа буолбутугар СССР барбатаҕа. Оччотугар икки дойдуну эйэлэһиннэрэр туһуттан «Игры доброй воли» диэн тэриллибитэ. Мин онно дойдубут аатыттан волонтерунан баран балтараа ый үлэлээбитим. Үс араас ыалынан олорбутум. Онно үчүгэйдик үлэлээбитим иһин бу ааты иҥэрбиттэрэ. Онон Саха сиригэр бастакы волонтер буолабын.
— Истиҥ сэһэргэһииҥ иһин барҕа махтал!
Кэпсэттилэр: Карнелия Исагалиева, Дима Саввинов, Айаан Лазарев, Юра Мохначевский