Аны аҕыйах ыйынан эн оскуолаҕын бүтэрэҕин. Бу хаалбыт кылгас кэм биллибэккэ элэстэнэн ааһыаҕа: күн аайы ЕГЭ-ҕэ бэлэмнэнии, Тиһэх чуораан тэрээһинэ, эриирдээх эксээмэннэр, баҥкыат түбүгэ уонна үөрэххэ туттарсыы сүпсүлгэнэ… Биирдэ өйдөөбүтүҥ — устудьуон буолбуккун. Дьэ, онтон ыла саҕаланар — улахан олоҕуҥ.
Бу улахан олоххор эн алаһа дьиэҕиттэн тэйэҥҥин, төрөппүт көрүүтүттэн-харайыытыттан, бүөбэйиттэн тахсаҕын. Аны мантан ыла бэйэҥ иннигин бэйэҥ эрэ көрүнэн, быһаарсан, дьаһанан сылдьар буолаҕын. Эппиэтинэс, эбээһинэс, талан ылыы — барыта эйиэхэ бэйэҕэр эрэ сүктэриллэр, тус толкуйгар эрэ тирэҕирэр. Онуоха оҥорор дьайыыларгар, ылынар быһаарыныыларгар өйдөөхтүк-төйдөөхтүк сыһыаннаһыах кэриҥнээххин.
Ону баара, үксүбүт солуута суоҕар тэптэрэн, көр-оонньуу курдук санаан, олоҕун суолун сыыһа салайан кэбиһэр. Уонна кэлин онтон кэмсинэр…
Дьэ, оннукка түбэспэт туһуттан бу икки түбэлтэни аах, бэйэҕэр түмүктэ оҥоһун. Эһиил устудьуон буоллаххына, баҕар, туһалыаҕа.
Үөрэҕи быраҕыы
Киэсик үрдүк үөрэххэ туох да эрэйэ, мэһэйэ суох киирбитэ. Талбыт идэтэ билиҥҥи үйэҕэ бэрт наадалаах, кэскиллээх буолан, дьоно үөрүү бөҕөлөрө этэ.
Күһүн устудьуоннарын тэрийэн-бэрийэн ыыппыттара. Күн аайы суотабайынан кэпсэтэ олороллоро, харчы ыыта тураллара.
Онтон бу Саҥа дьыл кэнниттэн уоллара төлөпүөннээн: «Сөбүлээбэт үөрэҕим эбит. Айа, быраҕабын. Сайын бу ЕГЭ-бинэн атыҥҥа туттарсыам. Оннук көҥүллэнэр», — диэн соһутта.
Ийэтэ аах: «Хайдах буоллуҥ, нохоо! Ол-бу араас буолума, булгуччу үөрэн!»— диэн мөҕө-этэ сатаабыттара да, Киэсик ону истиэ баара үһү дуо, докумуонун ылбыта ырааппыт.
Билигин Дьокуускайга холтууралыы сылдьар үһү. Дьонугар ол буолан тиийэ да илик…
ХИФУ психолога Ксения Саввинова:
— Бу түбэлтэҕэ идэни сыыһа талыы түгэнэ көстөр. Оскуолаҕа профориентация үлэтэ барбатах эбит. Оҕо туохха дъоҕурдааҕын, төһө кыахтааҕын, тугу баҕарарын анал тургутуктар, дьарыктар көмөлөрүнэн быһаарыахтаах уонна сөптөөх идэни сүбэлээн биэриэхтээх этилэрэ. Арааһа, Киэсиккэ ким эрэ этэн, «престижнэй»эрэ диэн, бэйэтигэр барсыбат үөрэҕэр киирбит быһыылаах. Уонна таах бириэмэтин, харчытын эрэ бараабыт… Устудьуон үөрэҕин быраҕарын дуу, салгыырын дуу бэйэтэ эрэ быһаарар кыахтаах. Атын киһи, ийэтэ да буоллун, орооһор бырааба суох.
Биллэн турар, төрөппүт оҕото үөрэниэн баҕарара чуолкай. Ол гынан баран, киһи санаатын истибэккэ, дьиҥ төрүөтүн билбэккэ эрэ күһэйэ сатыыр эмиэ сыыһа.
Ол иһин билигин дьоно Киэсиги булан, сирэй көрсөн кэпсэтиэхтэрин, туохтан сылтаан бырахпытын быһаарыахтарын наада. Баҕар, уопсайыгар ким эрэ атаҕастаабыта буолуо дии? Биитэр наһаа көтүппүтүн иһин уһулбуттара буолуо?Биричиинэтин билэн баран, салгыы тугу гынарын ыйан-кэрдэн, салайан биэрэллэрэ ордук. Онто суох устунан улдьааран хаалыан сөп.
Сайт санаата:
—Билэр уолбут эмиэ итинник балаһыанньаҕа түбэһэ сылдьыбыта. Хата, куоракка олорор эдьиийэ модьуйан, үөрэҕин бырахпатаҕа. Билигин ол эдьиийигэр наһаа махтанар: «Акаары да эбиппин. Кып-кыра кыһалҕаттан сылтаан улахан алҕаһы оҥоро сыыспыппын. Арай онно быраҕан кэбиспитим эбитэ буоллар, билигин туох дьарыктаах, дьылҕалаах буолуом этэй? Иккистээн туттарса кэлбэтим чахчы. Ханнааҕы үппүнэн-аспынан, сүрэхпинэн, баҕабынан ? Бука, дэриэбинэбэр сытыам этэ. Хата, билигин бу идэ ылан, үрдүк хамнастаах үлэлээхпин, устудьуон сылларын билэн, эдэр саас тапталыгар куустаран, кэрэчээн кэргэннээхпин…»
Кини өссө маннык диэччи:
— Маҥнайгы кууруска сылдьан: «Сөбүлүүбүн-сөбүлээбэппин», — диэн быһа бааччы быһааран кэбиһэр сыыһа эбит. Бастаан өсөһөн туран үөрэнэн көрүөххэ наада. Биир бэйэм идэбин кэлин биирдэ сэҥээрбитим. Сахалар, уопсайынан, барытын бытааннык ылынабыт буолбаат? Ол гынан баран, онтукабыт өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр бигэтик киирэр. Оттон олох атыҥыраан эрэйдэннэххинэ, кэлин идэҕин уларытыаҥ буоллаҕа дии. Кылаабынайа, илиигэр үрдүк үөрэх диплома баар…. — диэн.
Сөп ээ, итиччэ нэһиилэ киирэн баран, кыахтаах баҕайытык быраҕан кэбиспитэ кыһыылаах. Саҕалаабытын тиһэҕэр тиэрдиэ этэ буоллаҕа дии. Саатар, дьонун да саныаҕын? Уолларыгар эрэммиттэрэ аҕай буолуо дии? Биир бэйэм онтон да кыбыстан кыһаллан көрүөм этэ. Киэсик бу курдук сирэ-тала сылдьан, туох да үөрэҕэ суох хаалыан сөп. Уопсайынан, көтүмэх буолар, бииртэн бииргэ ойуоккалыыр сэрэхтээх. Туппуккун ыһыктыбат куолу.
Уопсайга олоруу
Наһаа мааны уонна атаах Дайаана устудьуоннар уопсайдарын төрүт сөбүлээбэтэ. Хосторо, кини санаатыгар, «проходной двор» курдук: киирэллэр-тахсаллар, тугу эрэ уларсаллар, аҕалаллар, уурдараллар… Айа да айа! Кэнникинэн олох кыыһырыан баҕарар буолла. Чуумпуга, ырааска үөрэммит оҕоҕо бу айдааннаах-куйдааннаах, тыастаах-уустаах, күлсүүлээх-салсыылаах, аһа-үөлэ суох дойду «Ырыкыныап ыыспатын» санатар буолан эрэр. Дьиэ куортамнаһан, туспа барыан баҕарталыыр да, төлөбүрүттэн саллар. Аны соҕотох хайдах олоруой? Кыыска кутталлаах ээ. Онон бу эмиэ улаҕа диэки хайыһан баран, оронугар сытаахтыыр. Дьэ, нахаас диэтэҕиҥ!
ХИФУ психолога Ксения Саввинова:
— Уопсайга олоруу туспа сокуоннардаах, ирдэбиллэрдээх, быраабылалардаах. Тус-туспа иитиилээх, дьылҕалаах, майгылаах дьон ыраахтан-чугастан кэлэн, биир хоско дьукаахтаһаллара, кырдьык, уустук соҕус. Ким хайдах саныырынан, талбытынан сырыттаҕына, өйдөспөт буолуу, этиһии, киҥир-хаҥыр саҥарсыы тахсара сэрэйиллэр. Ол иһин бастаан олохсуйалларыгар үчүгэйдик кэпсэтиэхтээх этилэрэ: ким тугу сөбүлүүрүттэн-сөбүлээбэтиттэн саҕалаан — туох дьаллыктааҕар тиийэ. Күннээҕи үлэлэрин эмиэ тута үллэстэллэрэ ордук: хайдах быһыылаахтык солбуйсан астыылларын, муостаны сууйалларын, иһити хомуйалларын.
Итинник кыракый ымпыктары-чымпыкттары хара маннайгыттан быһаарар ордук, кэлин Дайаана курдук ытыы-соҥуу, кыйахана сылдьыбат туһуттан. Туох аанньа үһүө, абааһы көрө-көрө олорор. Киһи майгыта алдьанан барар ини. Ол иһин сиэртибэ оруолугар киирэн хаатыйыламмакка, өһөспөккө, кыыһырсыбакка, доҕотторгун кытта аһаҕастык кэпсэтэриҥ туһалаах. Онуоха наар атын киһини эрэ хомуруйбакка, бэйэҥ сыыһаҕын эмиэ билинэн этиэхтээххин. Аны туран, хайаан да «мин санаабар» диэн тыл ситимин туттуохтааххын. Ол өйдөһүүгэ, биир тылы буларга көмөлөһүө.
Сайт санаата:
-Ааттыын да уопсай дьиэ буоллаҕа. Манна бары тэҥ бырааптааххыт, биир тэтимҥэ киириэхтээххит. Туора турбут — холбоһо сатыахтаах, куһаҕан кэмэлдьилээх — көнөргө кыһаллыахтаах, хадаар майгылаах — сымныырга күһэллиэхтээх, улаатымсык — судургу буола сатыахтаах, чанчарык — ырааска дьулуһуохтаах, бэйэмсэх — доҕотторун өйдүү үөрэниэхтээх, атаах — боччумуруохтаах. Быһата, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык, харыстабыллаахтык, истиҥник сыһыаннаһыахтааххыт. Тоҕо диэтэххэ, биир кырыыһа анныгар 5 сыл бииргэ олорор аналлааххыт. Ол иһин төһө кыалларынан өйдөһөр суолу тобула сатааҥ.
Биллэн турар, эдэр саас эрчиминэн күүрэр дьиэ олоҕо күөстүү оргуйара чахчы. Дайаана, эн эмиэ кинилэри кытта тэҥнэ үөр-көт, оонньоо-көрүлээ, ай-тут ээ. Оччоҕо сэргэхсийиэҥ, бодоруһуоҥ, биир тылы буолуоҥ. Ол эрээри, аһары барымаҥ. Режими, дьуһуурустубаны тутуһаргыт булгуччулаах.
Биитэр устудьуоннуур хаарыан кэмҥин ороҥҥор ытыы-соҥуу сытан атаараары гынаҕын дуу? Сүрэ бэрт дии. Кимтэн эрэ атаҕастаммыкка дылы. Итинник хас биирдиигит бэйэтин эрэ санаатын өрө тута сырыттаҕына, хайдах кыстыыгыт? Түҥ-таҥ барар, сүүс аҥыы хайдыһар буоллаххыт дии. 0ннук атааннаһыы, арахсыы туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт. Онон бэйэ бодотун тардынан, биир ыал оҕолорун курдук эйэлээхтик олорорго кыһаллыҥ.
Анисия Иевлева.