Быйыл оскуоланы бүтэрэбин. Техническэй үөрэххэ барыахпын баҕарабын. Ол иһин физика экзаменын туттараары гыммытым. Ону быйыл саҥа үлэлии кэлбит учууталым: «Эн сатаан туттарыаҥ суоҕа. Көтүтүүҥ элбэх. Урут аанньа үөрэппэтэхтэр. Онон атын предмети таларыҥ ордук», — диэтэ.
Физиката суох техническэй үөрэхтэр бааллара буолуо дуо? Аны онтон долгуйан эрэбин.
Уопсайынан, учуутал итинник аккаастыыр, уларытарга күһэйэр бырааптаах дуо?
Г.
СӨ Оҕо быраабыгар боломуочуйалаах аппаратын старшай референэ Нюргуяна Алкивиадовна Иванова хоруйдуур:
— ЕГЭ-ҕэ ханнык предмети туттарарын үөрэнээччи бэйэтэ эрэ быһаарар. Ол эрээри аҥаардас баҕа санааҕынан эрэ салайтарарыҥ арыый сыыһа буолуо. Бэйэҥ кыаххын эмиэ билиниэхтээххин. Олох билбэт, өйдөөбөт, аанньа үөрэммэтэх предмеккин хайдах туттарыаххыный? Намыһах баалы ылан кэбиһиэҥ дии. Бука, ол иһин учууталыҥ эйиэхэ сүбэлээн эппитэ буолуо.
Киирии экзамеҥҥа физика ирдэниллибэт техническэй үөрэхтэрэ бааллар. Олору ыйыталас уонна холонон көр. Ситиһиини!