Дьоҥҥо баай уонна дьадаҥы диэн арахсыы былыргыттан баар – баай дьон элбэх үптээх-харчылаах, ынахтаах-сүөһүлээх, оттоох-мастаах буолаллар, оттон дьадаҥы киһи баайдарга хамначчыт эрэ буолар кыахтаах. Сахаларга Сэбиэскэй сойуус олохтонуоҕар диэри итинник көстүү баара.
Бу биэриигэ Дима сахаларга баай уонна дьадаҥы диэн кылаассабай арахсыы туһунан кэпсиир.