Бүгүн, бэс ыйын 30 күнүгэр, Норуоттар икки ардыларынааҕы научнай оонньуу кыттааччылара, Международнай наука академиятын (МАН) саҥа куорпуһугар олоро киирдилэр. Барыта 670 оҕо, араас 17 тас дойдуттан уонна Арассыыйа регионнарыттан кыттыыны ылыахтара. Билигин Арассыыйа, Мексика, Сербия, Беларусия, Турция уонна Бразилия оҕолоро оонньууга кыттаары көхтөөхтүк бэлэмнэнэллэр.
Таатта улууһуттан сылдьар, Саргылаана Неморицына биһигини кытта сэһэргэстэ: «Мин “Палеонтология” диэн хайысханы талбытым. Бырайыагым аата “Сравнение плейстоценовой мегафауны в России и в Мексике”. Оҕолорго барыларыгар ситиһиилэри баҕарабын».
«Мин физико-математическай хайысха өттүгэр кыттабын. Бырайыагым “Виртуальная реальность. Строительство красивых и удобных домов” диэн. Бу күрэххэ сирэй көрсөн кыттабыт, онон мин олус үөрэбин. Оонньуулар үрдүк таhымнаахтык ааһыахтара дии саныыбын», – диэн Москва куораттан сылдьар, Амир Гиздатов кэпсээтэ.
Норуоттар икки ардыларынааҕы научнай оонньуулар от ыйын 1 күнүттэн 10 күнүгэр дылы ыытыллыахтара. Эдэр ыччат конференцияҕа, олимпиадаҕа кыттар күүстээх санаалаахтар. Маннык тэрээһин оскуола оҕолорун наука киэҥ эйгэтигэр көҕүлүүр.
Эмма Егорова, юнкор МИИ-2022