«Туймаада» олимпиада кыттааччыларыгар интириэһинэй экскурсия буолла. Музейга мультимедиа форматынан Россия историята бүттүүнэ баар – араас интерактивнай саалалар, быыстапкалар, авторскай экспозициялар, анал оҕо программалара уонна көрдөөх тематическай көстүүлэр.
II Аан дойдутааҕы интеллектуальнай оонньуулар физика профилынан кыттыылааҕа Республиканскай лицей-интернат үөрэнээччитэ Михаил Дьячковскай музей интерактивнай технологияларын бэлиэтии керде. «Музей сүрүн фишката IT-технология дии саныыбын. Бу көмөтүнэн экскурсиялартан тэйэн баран, стендэлэргэ тохтуохха уонна эн интэриэстээх информацияны көрүөххүн сөп», – диэтэ кини.
Мультимедиа технологията – аныгы техническэй уонна программнай средстволарар бииргэ үлэлээн текстэри, тыаһы-ууһу, графиканы, хаартысканы, видеоны биир цифровой представлениеҕа холбууллар.
Ол курдук музей үлэтигэр аныгы технологияны туттууну «Туймаада» олимпиада информатика предметыгар кыттар Дамир Миндаев сэҥээрбитин биллэрдэ. Кини этэринэн интерактивнай музей быдан ордук уонна интириэһинэй: «Уопсайанан инник технологиялары сөбүлүүбүн. Барыта дьэнкитик көстөр, хамсыыр. Холобур, сылдьыбыт музейбытыгар интерактивнай хаартыска баар, ону былаах уруһуйа хамсыыр, болҕомтобутун тардар».
Куннэй Егорова, МИИ-2022