«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата күннэтэ сайдар, саҥа сонун суоллары тобулар, инникигэ тардыһар дьулуура күүстээх. Ол сиэринэн, биһиги «Кэскил» диэн оҕолорго аналлаах биэрии устан дьон киэҥ болҕомтотугар таһаарабыт.
«Ыалдьыт» диэн аан маҥнайгы рубрикабытыгар «Кини кыыһа» диэн драматическай киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут Света Портнягинаны ыҥырдыбыт. Светалыын биһиги ирэ-хоро сэһэргэстибит, ыҥырбыт сыалбытын ситистибит.
Бу кэми мүлчү туппакка биһиги айар үлэһиттэрбит көмөтүнэн, хартыынаҕа сүрүн оруолу толорбут Света Портнягинаны ыҥырарга соруннубут. Кыыспыт Уус-Алдан улууһун Мүрү иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын 9-кылааһын үөрэнээччитэ, номнуо сааһын ситэн, дьоһуннаах киһи буола улааппыт. Биһиги экраҥҥа көрөр 7 саастаах кыыспыт отой буолбатах эбит. Светаны хайдах киинэҕэ уһулларга ылбыттарын, иллэҥ кэмигэр тугунан дьарыктанарын, ону таһынан кини дьиэ кэргэнин туһунан чопчуластыбыт, сөптөөх эппиэти иһиттибит. Кини киһи быһыытынан олус элэккэй, ис киирбэх, кэпсэтинньэҥ баҕайы кыыс оҕото. Уонна сэмээр билсиһэн баран ыйытыктарбытыгар киирдибит.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан сырдатыан дуо?
Мин ийэм Портнягина Наталья Ивановна диэн, кини нэьилиэк библиотекаря, онтон аҕам Портнягин Гаврил Николаевич суоппарынан үлэлиир. Биһиги бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Мин саамай улаханнарабын, биир бырааттаахпын уонна икки балтылаахпын. Оҕолорбун наһаа күүскэ таптыыбын.
— Оскуолаҕын бүтэрдэххинэ туох идэтин баһылыаххын баҕараҕыный?
— Мин кыра сааспыттан үксүн наар уолаттары кытта ытыалаһыылаах, сэриилээх оонньуурбун олус сөбүлүүр этим. Ол иһин оскуолабын бүтэрэн баран полиция үөрэҕэр туттарсан киирэр санаалаахпын.
— Онтон артыыс идэтинэн салгыы дьарыктаммаккын дуо?
— Татьяна Егоровналаах олус элбэххэ үөрэттилэр-такайдылар, бастаан утаа оруолга оонньуу иликпинэ артыыс буолуохпун баҕарар этим. Онтон оонньоон холонон көрөн баран хайдах эрэ ыарарҕаппытым. Ол иһин миэнэ буолумуон сөп эбит дии санаабытым. Ол да буоллар элбэх үөрэххэ туттарсан көрүөм, биир эрэ идэҕэ уһуйулларым олуона буолуо.
— Саамай баҕарар баҕа санааҥ туохханый?
— Мин тапталлаах оскуолабын кыһыл көмүс мэдээлинэн, кыһыл аттестатынан бүтэриэхпин баҕарабын. Уонна салгыы үрдүк үөрэх кыһатыгар киин куораттарга туттарсан киирэн, үчүгэй үлэлээх, ситиһиилээх киһи буолуом диэн бэйэбэр эрэлим улахан.
— Үөрэҕин кэннэ тугунан үлүһүйэн туран дьарыктанаҕыный?
— Мин тохсус кылаас буоларым быһыытынан, үөрэҕим кэннэ биир кэлим экзамеммар бэлэмнэнэбин. Иллэҥ бириэмэбэр чэпчэки сүүрүүнэн, үҥкүүнэн, ону таһынан байыаннай-патриотическай кулуупка уонна оҕолору биир сомоҕо оҥоттуур, түмэр куруһуокка дьарыктанабын. Сарсыарда эрдэ дьиэбиттэн тахсан барабын, киэһэ хойут сылайан-элэйэн дьиэбин булабын. (күлэр)
— Онтон киинэҕэ уһуллаҥҥын туох саҥаны бэйэҕэр арыйдыҥ?
— Эбээҕэ, эһээҕэ ытыктабыл, төрөөбүт дойдуга таптал, харыстабыл, тулалыыр эйгэни ыраастык тутааһыҥҥа, дьоҥҥо-сэргэҕэ аламаҕай сыһыаммын өссө төгүл бөҕөргөттүм.
— Биһиэхэ кэлэн ыалдьыттаабыккар махтанабыт уонна биһиги биэриилэрбитин көтүппэккэ көрөргөр сүбэлиибит.
Светабыт ис киирбэх бэйэтэ күлэн мичилийэ-мичилийэ ыйыппыт боппуруостарбытыгар бэрт дьоһуннаахтык, улахан киһи курдук эппиэттээн истэ. Суол да сабыллыбытын үрдүнэн, биэриибит ыҥырыытын лоп-бааччы тутан, сөбүлэһэн кэбиспитэ. Сотору кэминэн «Кэскил» оҕолорго аналлаах биэриибитин интернет ситимигэр таһаарыахпыт, онно сиһилии кэпсэтиибит киириэҕэ, биһигинниин бииргэ буолун!
Ыспыраапка: Бу киинэ туһунан сиьилии сырдатар эбит буоллахха, Саха сирин киинэ тыйаатырдарыгар сэттэ сыл аннараа оттугэр уһуллубут, улахан киинэ бэстибээллэригэр ситиһиилэммит уус-уран киинэ буолар. Хартыына5а 1972 сыллааҕы тыа сирин олоҕо ойууланар. Киинэ суолтата режиссер Татьяна ЭВЕРСТОВА эбээ, эһээ тапталларыгар уйдаран о5о сааһын эргитэн ойуулааһына костор. О5о хара5ынан тулалаан турар айыл5а, чугас дьонун сыһыана, олоххо харыстабыллаахтык сыһыан уонна о5ону сахалыы сиэринэн иитии тугэннэрэ дьон бол5омтотун тардар. Элбэх тыла-оһо суох ойдонор киинэни сахабын дэнээччи киһи барыта кордо.
Ааптар Мирослав БОЧКАРЕВ, хаартыскаҕа Мария УДОВКИНА түһэриитэ уонна Света тус архыыбыттан.