Саргылана Босикова, Төрүт орто оскуолатын 10 кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ учуутала Валентина Павловна Захарова салалтатынан «Изучение истории коновязи духовного лидера народа саха А. Е. Кулаковского и анализ узоров сэргэ» үлэтинэн кыттан, иккис түһүмэххэ таҕыста.
Саргылана — оскуола биир киэн туттар үөрэнээччитэ. Үөрэҕин таһынан спордунан дьарыктанарын, ыллыырын, үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр, оскуола бары тэрээһинигэр көхтөөхтүк кыттар.
Экспресс-ыйытыкка хоруйдар:
- Туох идэлээх үлэһит буолуоххун баҕараҕын?
- Улааттахпына быраас буолан, бэйэм дойдубар кэлэн үлэлиэхпин баҕарабын. Дьоҥҥо көмөлөһүөхпүн, дьону эмтиэхпин кыра эрдэхппиттэн баҕарар этим.
- Ханна олоруон этэй — Саха сиригэр дуу, атын куоракка, дойдуга дуу?
- Атын дойдуга кыайан олоруом суоҕа дии саныыбын, Саха сириттэн ыраатыахпын баҕарбаппын.
- Таптал диэн тугуй?
- Таптал диэн ис дууһаҕыттан тахсар күүстээх иэйии. Кимиэхэ эмэ эбэтэр туохха эмэ. Мин саныырбынан, таптал араастаах: дойдуга таптал, ол эбэтэр патриотизм, чугас дьоҥҥор таптал, малга-салга таптал уонна эр киһиэхэ (дьахтарга) таптал. Киһи таптыырыгар туох эрэ сылаас угуттуур, барыта төгүрүччү сырдаан хаалар уонна эн таптыыр эрэ киһиҥ аттыгар баар буолуоҕун баҕараҕын.
- Патриотизм диэн тугуй?
- Патриотизм диэн эмиэ иэйии, бэйэҥ төрөөбүт дойдугар таптал. Дьиҥнээх патриот буоллаххына, эн дойдуҥ, норуотуҥ уонна төрөөбүт тылыҥ сайдарын туһугар кыһаллыахтааххын. Таптыахтааххын уонна ытыктыахтааххын!
Саргылана научнай кэмпириэнсийэлэргэ үһүс кылаастан кыттар. Бастакынан «Сказки моей родины» остуоруйалар тустарынан үлэтэ буолар. Ол кэнниттэн кристаллары интэриэһиргээн үөрэппитэ, Джон Р.Р.Толкин «Хоббит: нежданное путешествие» айымньытын ырыппыта уонна колхуостар коллективизациялааһыннарын чинчийбитэ.
Билиҥҥи тиэмэтин аата — «Изучение истории коновязи духовного лидера народа саха А. Е. Кулаковского и анализ узоров сэргэ».
Билэрбит курдук, улуу суруйааччы, бөлөһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөҥҥө сэттэ төгүл сылдьыбыта. Кинини чиэстээн, олохтоохтор сорох сиргэ-дойдуга кини аатын иҥэрбиттэр: Өксөкүлээх үрүйэтэ, Өксөкүлээх аартыга.
Биир ураты көстүүнэн Өймөкөөҥҥө кини туруорбут сэргэлэрэ билиҥҥэ диэри тураллара буолар. Үрэх төрдө диэн сиргэ үһү туруорбутуттан билигин иккитэ уонна Тарыҥҥа биир баара биллэр. Саргылана бу сэргэлэр оһуордарын чинчийэн көрбүт. Мантан салгыы бу үлэ аннотациятын (нууччалыы тылынан) кылгастык биэрэбит.
«Изучение истории коновязи духовного лидера народа саха А. Е. Кулаковского и анализ узоров сэргэ»
Выбор данной темы обусловлена тем, что многие вопросы связанные с жизнью и творчеством А.Е. Кулаковского, а также памятники материальной культуры исследованы недостаточно полно, а некоторые и вовсе не изучены. Моя работа посвящена одному из таких малоизученных памятников-коновязным столбам- «сэргэ», поставленных духовным лидером якутского народа А.Е. Кулаковским-Өксөкүлээх Өлөксөй на территории Оймяконского района.
Перед нами была поставлена цель: изучение орнаментов и истории коновязи-сэргэ А.Е. Кулаковского.
Постановка данной цели повлекла следующие задачи:
— изучить научно-методическую литературу по теме исследования;
— изучить коновязи сэргэ, установленные в Оймяконском улусе с. Томтор;
— приобщение подрастающего поколения к духовным идеалам и наследиям;
— повышение интереса к истории и культуре родного края;
— популяризация творческого наследия А.Е. Кулаковского среди учащихся и молодежи;
— укрепить чувство патриотизма;
— значительно расширить кругозор детей и молодежи республики.
Метод исследования: теоретический и практический.
А.Е. Кулаковский установил три коновязи. Первое — в с. Арылах Чурапчинского улуса. Второе — в селе Оҥхой в местности Аһыкай Верхневилюйского района. Третье -в местности Үрэх төрдө, находящееся возле с. Томтор Оймяконского улуса, где А.Е. Кулаковский в 1924 году он организовал ысыах с целью восстановления мира после гражданской войны и воспевания государственности Якутии. Установленные здесь ритуальные сэргэ-коновязи олицетворяют Салгын-кут (воздух-душа).
Как рассказывают старожилы,и как известно из печати, узоры на этих сэргэ Алексей Елисеевич вырезал самолично с помощью мастера Кыйма Баһылай.
Сейчас из трех сэргэ, установленных в местности Үрэх төрдө, стоят только два. Высота каждого из двух столбов около 180-190 см. Присутствуют такие виды орнаментов: линейный, орнамент в виде ягоды малины, обрезков и ногтей, ломаные линии (вид урасы), орнамент в виде сети, пятиглазый оберегающий узор «Биэс харах», косой иксообразный элемент, мотив ромба, простейший прямолинейно-геометрический узор-восьмиугольник.
Облагораживая одежду и быт национальными знаками и символами, мы укрепляем свою гражданскую позицию, воспитываем в себе чувство патриотизма и национальную гордость, сохраняем историю, возрождаем традиции, самоидентифицируемся как народ — древний, могучий народ саха!
По результатам проведенной работы нами выполнены все поставленные задачи. Изучив литературу, мы выяснили, что коновязи – сэргэ в местности Үрэх төрдө Оймяконского района были поставлены великим якутским поэтом А.Е. Кулаковским. Алексей Елисеевич пригласил нашего земляка Кыйма Василия при выполнении работы коновязи. Мы подробно узнали от источников, какие узоры и орнаменты были использованы к данным коновязям – сэргэ. Каждый якутский узор и орнамент несет от природы определенную функцию — благожелательную, защитную и испросительную. Техника изображения каждого узора и орнамента зависит от материала будущего изделия. Порой узоры шитья значительно отличаются от орнаментики по дереву или узоров для декора бересты.
А. Е.Кулаковский оставил нам большое наследие. Сколько бы лет ни прошло с тех давних пор, но культурно – историческая ценность этих сэргэ, как памятников культуры, только возрастает.
Для подрастающего поколения Оймяконья он является примером подлинной любви к родине, патриотического отношения на благо народа.
Автор: Таисия Алексеева