Билиҥҥи үйэҕэ киһи-аймах саамай сүрүн кыһалҕатынан экология буолар. Килиимэт уларыйыйан, бэл, хоту дойдуга сайын отуттан тахса кыраадыс итии буолар буолла, онон ойуур баһаара, өрт туран, экологияҕа улахан хоромньуну оҥорор. Бу туһунан бэйэлэрин санааларын Муома оскуолатын оҕолоро суруйаллар.
Кэлэр көлүөнэлэрбит тугу кэрэхсээн, тугу аһаан-сиэн, туохтан үөрэн олоруохтарай?
Мин Муомаҕа олоробун. Биһиги айылҕабыт кэрэ көстүүтэ аан дойдуга аатырар. Ол иһин сыл аайы араас сирдэртэн туристар кэлэн, Муома, Индигиир өрүстэринэн астына устан, хайаларбытыгар дабайан, хаартыскалара, видеолара аан дойдуга тарҕаналлар.
Россия хотугулуу илин өттүн үрдүк чыпчаала Победа хайата, умуллубут булкаан Балаҕан Таас, кэрэ көстүүлээх, хоһооҥҥо хоһуллар, ырыаҕа ылланар Ю хайабыт, сайыннары ууллубат муустаах Улахан Тарын — ити барыта мин дойдум! Саас ахсын араас көтөр кэлэн төрөөн-ууһаан, кыталыктар үҥкүүлээн ааһар сирдэрэ -мин Муомам!
Былыр дьоннор айылҕа иччилэригэр итэҕэйэн, айылҕаны олус харыстыыр, хаһан да буортулаабат этилэр. Аныгы олохпут уларыйан, сиэри -туому тутуспакка, айылҕаны алдьатарбыт олус элбээтэ. Аныгы дьон туохха да итэҕэйбэккэ сири алдьаталлар, тыа баһаарын ыыталлар, «Кыһыл кинигэҕэ»киирбит кыыллары өлөрөллөр, тугу да харыстаабаттар диэн мин наһаа долгуйабын.
Хаарыаннаах кэрэ айылҕабыт кэхтэн хааллаҕына, кэлэр көлүөнэлэр тугу көрөн, тугу аһаан-сиэн, туохтан үөрэн олоруохтарай? Итини этэн туран төрөөбүт дойдубут кэрэ айылҕатын таптыаҕыҥ, ытыктыаҕыҥ, харыстыаҕыҥ диэн ыҥырабын!
Ааптар: Ванесса Садовникова, 6 «А» кылаас. Муома орто оскуолата.
Уот туран, оройуоҥҥа ыксаллаах балаһыанньаны биллэрдилэр
Биһиги Муомабыт кэрэ айылҕалааҕынан аан дойдуга биллэр. Мин онон киэн туттабын уонна төрөппүттэрим, эбэм, эһэм,убайдарым көмөрүнэн үөрэтэ-билэ сатыыбын. Кинилэр элбэх кэрэ сирдэринэн похуоттарга сылдьан, элбэҕи билэллэр. Быйыл туристар аатырар Победа хайаҕа Кыайыы былааҕын анньа тахсаары барбыттара. Хайа үрдүгэ — 3147 м. Төннөн кэлэн иһэн, биһиги «Эрудит»сайыҥҥы лааҕырга сылдьыахтара этэ диэн эрэнэ күүтэбит.
Сайын аайы оскуолабытыгар тэриллэр лааҕырга биһиги үөрүүнэн сылдьабыт. Элбэҕи билэбит-көрөбүт, минньигэстик аһыыбыт. Былырыын лыахтары үөрэппиппит, быйыл «Дойдубут кэрэ сирдэрин»сиһилии билэргэ кыһаллабыт, айылҕаны харыстыыр десаннары ыытабыт.
Хомойуох иһин, быйыл олус кураан сайын буолан, от ыйын саҥатыгар улахан тыа баһаара турда. Кэрэ Ю хайабыт аттыгар уот туран, ыксаллаах быһыы-майгы буолла. Үргүлдьү умуллара сатаабыттара итииттэн күөдьүйэн, анна торфа буолан, кыайтарбакка куттаата. Оройуоҥҥа ыксаллаах балаһыанньаны биллэрдилэр. Уот нефтебаза уонна аэронавигация турар сиригэр чугаһаан, олохтоохтор бары тахсан, баһаары утары охсустулар.
Биһиги төрөппүттэрбит ити тэрилтэлэргэ үлэлиир буолан, түүнү-күнү аахсыбакка сырыттылар. Бөһүөлэк эр дьоно бары көмөҕө тахсар, ийэлэрбит,эбээлэрбит ас астаан, утах бэлэмнээн, биһиги, оҕолор, утах кутарга бытыылка хомуйан, астаабыт астарын штабка тиэрдэн көмөлөһөбүт.
Куттал суоһаан, куораттан көмө кэлбитэ. Индигииргэ, Соболооххо эмиэ тыа баһаара турар. Хонуу бөһүөлэгин иһэ барыта буруо, тыынарга куһаҕан.
Ойуур баһаардар сороҕор киһи дьалаҕайыттан да буолааччы, онон сэрэхтээхтик сылдьыахха наада. Мин дойдум кэрэ айылҕатын наһаа таптыыбын, харыстыыбын, отоннуур-тэллэйдиир сирдэрбит уокка былдьаммытын наһаа аһынным.
Ааптар: Нарыйаана Дормидонтова, 6 «А» кылаас. Муома орто оскуолата.